Баһылык Кымыс Байбалы кытта көрүстэ
Олохтоох дьаһалта бэрэстэбиитэллэрэ Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин күнүнэн уонна 75 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн Павел Васильев – Кымыс Байбалы эҕэрдэлээтилэр.
Кымыс Байбал куорат сиригэр-уотугар саха кымыһын оҥорон таһаарааччы быһыытынан соҕотох фермер. Ыалдьыттарын кымыһынан айах тутта уонна баар кыһалҕаларын хайдах баарынан кэпсээтэ. Кини билигин түөрт куорат оскуолатын саха кымыһынан хааччыйар, биэни ыаһыны, кымыс оҥорууну оҕолорго бэйэтин холобурунан көрдөрөр эбит.
Фермер инники былааннарыгар ходуһаларын тупсарыы, сылгытын төбөтүн ахсаанын элбэтии, кымыс оҥорор сыаҕын улаатыннарыы, тыа сирин туризмын сайыннарыы киирбит. Хаһаайыстыба билигин 100 төбөнү тутар, олортон 70 – ыанар биэ. Кымыс Байбал нэһилиэнньэни төгүрүк сыл быспакка кымыһынан хааччыйар баҕа санаалаах.
Дмитрий Садовников хаһаайыстыба үлэтин өйүүргэ, инники былааннарын олоххо киллэрэригэр көмөлөһөргө бэлэмин биллэрдэ.



