10.10.2026 | 19:00 | Просмотров: 109

Баһылык көһө сылдьар мунньаҕы ыытта

Куорат баһылыга Дмитрий Садовников куорат хаһаайыстыбатын кыһалҕалаах боппуруостарынан көһө сылдьар мунньаҕы ыытта.
Баһылык көһө сылдьар мунньаҕы ыытта
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир

Мунньахха баһылык солбуйааччылара, дьаһалта араас салааларын, куорат тэрилтэлэрин салайааччылара кытыннылар.

Теплай күөлү туоруур күргэ

Теплай күөлү туоруур икки күргэ Кулаковскай уонна Крупская уулуссалары ситимнииллэр, 2002 сыллаахтан үлэлииллэр. Кэнники сылларга куорат олохтоохторуттан бу күргэлэр эргэрбиттэрин туһунан үҥсүү киирэр. Күннээҕи көрүү-истии үлэтин, ыраастааһыны уокурук управата оҥорор. Быйыл өрөмүөҥҥэ үп көрүллүбэт, ону таһынан биир күргэ куорат бас билиитигэр киирэ илик.

Мунньах кэмигэр баһылык бу күргэни, сокуоҥҥа олоҕуран, "хаһаайына суох эбийиэк" быһыытынан билинэн баран, салгыы куорат балансатыгар ылан управаҕа эбэтэр биир эмэ тэрилтэҕэ сыһыарары толкуйдуурга сорудахтаата. Инникитин Теплай күөлү нөҥүөлүүр массыына сылдьар күргэтэ эбэтэр даамбата тутуллуохтаах.

Сайсары эбэ кытыла

Мунньах Сайсары күөл кытылыгар салҕанна. “Триумф" спорткомплекс өттүнэн уопсастыбаннай сынньанар туона 2024 тутуллубута. Ол эрэн бу эбийиэк билиҥҥитэ ким да бас билиитигэр бэриллэ илик – көрүүтэ-истиитэ, хаһаайына суоҕа биллэр, кыра алдьаныы-кээһэнии да баар.

Дмитрий Садовников бэдэрээттээх тэрилтэ гарантиянан итэҕэстэри барытын туоратарын «Главстрой» МХТ хонтуруоллууругар соруйда. Үп уонна сир сыһыанаһыыларыгар департамент бу уопсастыбаннай туонаны бас билээччигэ биэриэхтээх.

Сокуону кэһэр тутуу

Мунньах кэмигэр икки сокуону кэһэр тутуу ыытыллар сирин билистилэр. Чайковскай уул., 17-гэр икки этээстээх гараас курдук тутуу дьэндэйбит. Баһылык солбуйааччыта Андрей Лебедев иһитиннэрбитинэн, тутуу көҥүлэ суох барбыт, быраабыланы кэһэн үрдэтиллибит учаастакка тутуллубут, ол иһин ыаллыы учаастактар ууга барар кутталлаахтар. Олохтоох дьаһалта тутууну көтүрэр туһунан ирдэбили суукка ыыппыт.

Окружной шоссе Кольцевая уулуссатыгар икки заправка аттыгар атыы-эргиэн эбийиэгэ тутуллубут. Бас билээччилэр 2025 сыллаахтан сирдэрин арыандалаабыт дуогабардаахтар, тутууга көҥүл ылбыттар эбит. Ол эрэн бу учаастак икки өттүттэн баһаар тахсар кутталлаах эбийиэктэри кытта ыаллаһар. АЗС бэрэстэбиитэллэрэ этэллэринэн, тутуллубут хаххалыыр эркин (брендмауэрная стена) ирдэбилгэ эппиэттээбэт, намыһах.

Куорат баһылыга Муниципальнай инспекциялар управлениеларыгар бу тутуу сокуон өттүнэн төһө сөптөөҕүн бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаата.

Пирогова, 5/1.

Көрүдүөрдүү тииптээх олорор дьиэ. Хостор үгүстэрэ муниципальнай бас билиигэ бааллар, сорохтор приватизацияланан тураллар. Муниципальнай хостор туһаныллыбытахтара 8 сыл буолбут, туруктара быстар мөлтөх.

Дмитрий Садовников Үп уонна сир сыһыаннаһыыларыгар департамеҥҥа, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар иччитэх турар хостору "ПТСК” МУТ бас билиитигэр биэрэргэ дьаһайда, өрөмүөн кэннэ тэрилтэ манна олохсуйуоҕа.

***

Мунньах кыттыылаахтара 17-ис кыбаарталга сырыттылар. Строительнай уокурук салайааччыта Дьулустаан Иванов кыбаартал санитарнай туругун туһунан иһитиннэриини оҥордо.

1 / 9

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп