Баһылык архитектордары кытта көрүстэ
Аан дойдутааҕы Архитектура күнүн баттаһа, Дьокуускай баһылыга Дмитрий Садовников архитектордары кытта көрсөн кэпсэттэ. Көрсүһүү ХИФУ Инженернэй-техническэй институтугар буолан ааста.
Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, архитектордар Дьокуускай сайдыытыгар сыһыаннаах кэккэ этиилэрдээхтэр:
Көҕөрдүүлээх сылаас тохтобуллар. ХИФУ Архитектура кафедрата сылаас тохтобуллары тула күөх үүнээйилээх тулаһалары, тохтобуллар истэригэр күөх муннуктары тэрийэргэ этии киллэрдэ.
Иччитэх сирдэргэ саҥа уопсастыбанай эйгэлэри тэрийии. Холобур, Курашов уулуссатыгар Тыа хаһаайыстыбатын техникумун сэргэстэһэ иччитэхсийбит сири тупсарыыга билигин бырайыактыыр-сметалыыр үлэ барыан наада.
Пааркалар уонна уопсастыбаннай эйгэлэр дириэксийэлэрин территориялары көрөр-истэр эрэ сулууспа быһыытынан буолбакка, экономика уонна социальнай-култуурунай бырагырамалааһыҥҥа эппиэтинэстээх оператор оҥоруохха сөп.
Куттала суох оҕо былаһааккалара. Көрсүһүү кыттааччылара оҕо оонньууругар аналлаах туоналары элбэтэргэ ыҥыраллар.
Экологическай инжиниринг уонна тырааныспарга куттал суох буолуута. Ууну аһардыы уонна саҥа технологиялары ырытыы буолан ааста: ититиллэр аһаҕас лотуоктар, дьоҕус носуостаах станциялар, дренажтаах систиэмэлэр.
Историческай көрүҥүн хаалларыы. Дьокуускай историятын кэрэһитэ буолар киин сирин Свято-Троицкай таҥара дьиэтин кытта ситимнээн тэрийии туһунан этии киирдэ. Кинини тула Дьокуускай остуруогун, Реальнай училищены, “Кырдьаҕас куорат-2” кыбаарталы, Теплай күөлү ситимниэххэ сөп.
Уулуссалар дизайн-кодтарын оҥоруу наадатаны туһунан.
- Киров уул. – Преображенскай таҥара дьиэтиттэн Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар диэри;
- Дьокуускай аэропордуттан Орджоникидзе болуоссатыгар диэри;
- М.Николаев проспегар.
Кытыы нэһилиэктэри сайыннарыы. Өлүөнэ күргэтэ тутулларынан Дьокуускай-Аллараа Бэстээх агромерациятынан куораты сайыннарыы концепцията оҥоһуллуохтаах.
Бу көрсүһүүгэ этиллибит этиилэр урбанистар уонна архитектордар куорат сайдыытыгар аныгы сүүрээннэри эккирэтиинэн эрэ буолбакка, толкуйдаах быһаарыныылары ылынарга ыҥырыылара буолла.
400 сылаах былаан
Дьокуускай 400 сааһын бэлиэтиэхпитигэр диэри маастар-былааҥҥа олоҕуран сүүсчэкэ эбийиэк тутуллуохтаах. Куорат дьаһалтата биһиги олорор усулуобуйабытын учуоттаан оҥоһуллар этиилэри архитектордартан, проектировщиктартан, тутааччылартан истэргэ бэлэм.
“Ыччат ханна эрэ ыраах баран дьолу көрдөөбөккө, бу куоракка олохсуйуон баҕарыахтаах. Куорат хас биирдии баһылыга туспа буочардаах, девизтээх буолар. Мин куруук этэбин: Дьокуускай хас биир олохтооҕо дьоллоох буолуохтаах. Оннукка баҕарабын уонна ол туһугар үлэлиэм”, - диэтэ Дмитрий Садовников.