ДМИТРИЙ САДОВНИКОВ: "Хас кэлбит салайааччы уруккуну баһыйар буолан иһиэхтээх..."
Дьаһалта хамаандата саҥардылынна. Чөҥөчөктөрү уонна хомус оту утары охсуһуу саҕаланна. Дьокуускай 400 сааһыгар бэлэмнэнии тэтимирдэ.
Кини туһунан тугу билэбитий?
(кылгас ыспыраапка)
Дмитрий Дмитриевич Садовников Халыматтан төрүттээх. 1971 сыллаахха алтынньы 20 күнүгэр Орто Халыма Налимскайыгар күн сирин көрбүтэ.
Икки үрдүк үөрэхтээх. Бастакы идэтэ – историк.
Үлэтин боростуой оробуочай дуоһунаһыттан саҕалаабыт, хара үлэни этинэн-хаанынан билбит киһи. 80-90-с сылларга сопхуоска дворнигынан, оробуочайынан, балыыһа уонна оскуола хачыгаарынан үлэлии сылдьыбыт.
Сэбиэскэй Аармыйаҕа 3 сыл сулууспалаабыт.
Кэргэннээх, үс оҕолоох. Чааһынай дьиэҕэ олорор.
Дьокуускайга “Үлэ биржатын”, Ыччат политикатын управлениетын, Сайсары уокуругун управатын салайбыта. 2012-2018 сс. Дьокуускай баһылыгын куорат хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччынан үлэлээбитэ. 2018-2026 сс. – Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын миниистирэ. 2021-2026 сс. – СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлииригэр энергетика, ОДьКХ, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын, экология, ыксаллаах быһыы-майгы уонна гражданскай оборона салаатын сүрүннээбитэ.
Дьокуускай баһылыгын дуоһунаһыгар быйыл от ыйын 21 күнүгэр анаммыта. Историяҕа бастакытын куорат баһылыгын норуот бэрэстэбиитэллэрэ – Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара талбыттара. Кини болдьоҕун иннинэ уурайбыт Евгений Григорьев оннугар кэлбитэ.
Дмитрий Садовников сүрүн соругунан Дьокуускай куорат 400 сааһын көрсө, куорат сайдыытын маастар-былаанын тэтимнээхтик олоххо киллэриини ааҕарын туһунан бу күһүн Куорат күнүгэр суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр этэн турар. Маны тэҥэ, эһиил “400 үтүө дьыала” аахсыйаны биллэрэр былааннаах.
Дьокуускайы ханнык этиини кытта дьүөрэлиигин?
“Мин “Дьоллоох Дьокуускай” диэн этиини чугастык ылынабын. Тоҕо диэтэххэ дьолбун манна булбутум: ыал буолбутум, киһи буолан тахсыбытым.
Оттон “куорат сирэйэ” диэҥҥэ тыйыс тымныыбыт буолуо эбэтэр Тыгын башнята…”
Дьаһалта саҥа хамаандатын туһунан
Дмитрий Садовников бастатан туран солбуйааччыларынан саҥа дьону анаата, кинилэр тустарынан манныгы этэн турардаах:
– Бастакы солбуйааччым Андрей Лебедев куоракка үлэлээбитэ ыраатта, уопуттаах, ОДьКХ департаменын салайбыта, куорат Дууматын дьокутаата, “Экосети” салайбыта, Жатайтан төрүттээх.
Алена Неустроева – баай уопуттаах үлэһит. Билиитэ киэҥ, көхтөөх, үчүгэй үлэһит. Ньурбаттан төрүттээх. Сөбүлэспитигэр үөрдүм.
Алексей Гарагуля уруккута ИДьМ үлэһитэ, юрист, эмиэ уопуттаах үлэһит. Өлүөхүмэттэн төрүттээх.
Ольга Яшина Киевкэ төрөөбүт. Бу иннинэ оскуола дириэктэрэ этэ. Күүстээх хамаанда тэриниэн наада.
Евгений Пермяков Хатаһы салайан олорбута. Көрдөххө чуумпу, наҕыл курдук эрээри, олус өйдөөх, тыа хаһаайыстыбатыгар билиилээх уол.
Антон Артемьев идэтинэн экономист, Бырабыыталыстыбаҕа секретариаппын салайбыта. Үлэһит, көхтөөх, бэриниилээх.

Салайааччы туһунан
Дмитрий Садовников үгүс интервьютугар тиэрдэр санаата өрүү биир, уларыйбат: "Оруннаах кириитикэҕэ бэлэммин. Кириитикэ хайаан да наада".
– Уокуруктар баһылыктара өр үлэлиэхтээхтэр. Уларыт да уларыт буоллахха, үлэ тахсыбат. Ол эрээри көрдөрүүлэрин кэмиттэн кэмигэр көрүөххэ наада.
Саҥа салайааччы кэллэҕинэ сүрүн үлэһиттэр, урукку хамаанда барыта уларыйыахтаах диэн буолбатах. Бары историяҕа суол хааллараллар.
Билиҥҥи үлэһиттэр уруккулардааҕар таһаарыылаахтык, таһымнаахтык үлэлиэхтээхтэр. Кэм ирдэбилэ оннук. Хас кэлбит салайааччы уруккуну баһыйар буолан иһиэхтээх.
Баһылык дуоһунаһа хаһаайын үлэтигэр тэҥнээх. Бэйэм энергиялаах, тэтимнээх соҕус киһибин, барыта сып-сап буолуохтаах. Иитиим оннук. Холобур, чааһынай дьиэлээх киһи түбүгэ хаһан да бүппэт: хаар күрдьэр, сиппийэр, харбыыр. Өрөбүлэ суох үлэ.
Сыл аайы “Дыгын оонньууларын” көтүппэккэ көрөр:
– “Дыгын оонньууларын” бу иннинээҕи хамаанда таһаарбыт таһымыттан түһэрэр санаам суох. Ардыгар ону эрэ көрөөрү ыһыахтыыр курдукпут. Мин эмиэ көтүппэккэ көрөбүн. Наар Николай Матаннановка ыалдьабын.
Ону кытта киин куораппытыгар маассабай спорт көрүҥнэрин сайыннарыахха наада диибин. Бары “Дыгын оонньуутугар” чемпионнуур кыахпыт суох… Арай “Боотурдар оонньуулара” диэни сайыннаран, маассабаһы үрдэтиэхпитин сөп.

Архитектура
– Дьокуускай төрүттэммитэ 400 сылыгар диэри маастар-былааҥҥа олоҕуран, сүүсчэкэ эбийиэк тутуллуохтаах. Куорат дьаһалтата биһиги олорор усулуобуйабытын учуоттаан, архитектордартан, проектировщиктартан, тутааччылартан этиилэри истэргэ бэлэм.
Архитектордары кытта көрсүһүүтүгэр баһылык: “Ыччат ханна эрэ ыраах баран дьолу көрдөөбөккө, бу куоракка олохсуйуон баҕарыахтаах. Куорат хас биирдии баһылыга туспа буочардаах, девизтээх буолар. Мин куруук этэбин: "Дьокуускай хас биир олохтооҕо дьоллоох буолуохтаах. Оннукка баҕарабын уонна ол туһугар үлэлиэм”.
Оскуолаларга миэстэ тиийбэтин туһунан
– Саҥа оскуолалары тутарга миэстэ суох. Номнуо баар оскуолаларга эбии дьиэлэри тутан киллэриини, урукку хамаанда саҕалаабыт дьыалатын салгыы ыытыахпыт. Онон оскуолалар тастарыгар саҥа эбийиэктэри тутууну хонтуруоллуохтаахпыт. Оскуолалар сирдэрин кэҥэтэн, эбии дьиэлэри тутуохпут.

Уопсастыбаннай тырааныспар
Сыл бүтүөр диэри куоракка 29 саҥа оптуобус кэлэрэ күүтүллэр. Дьон ордук сылдьар хайысхаларыгар оптуобустар сылдьар арыттара кылгыахтаах.
Куорат салалтата маршруттар ситимнэригэр уларытыылары киллэрэри былаанныыр. Ол курдук, саҥа оптуобустар кэллэхтэринэ тырааныспар тиһигин уларытан оҥоруу иккис түһүмэҕин олоххо киллэрэн саҕалыахтаахтар. Ол чэрчитинэн сорох маршруттар хат көрүллүөхтэрин, оптуобустар сылдьар графиктара уларыйыан уонна араас хайысхаларынан тырааныспар ахсаана хат үллэриллиэн сөп.
Дмитрий Садовников этэринэн, бу куорат олохтоохторо айанныылларыгар ордук табыгастаах оҥоруоҕа, оптуобуһу кэтэһэр кэми кылгатыаҕа уонна пассажирдарга өҥөнү оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтиэҕэ.
Шаурмичнайдары бэрээдэктээһин
Санатан эттэххэ, сорох шаурмичнайдар чааһынай дьон арыандаҕа ылбыт сирдэригэр үлэлииллэр, кинилэр дьаһалтаҕа бас бэриммэттэр. Дмитрий Садовников нормативнай быраап докумуоннарын уларытан, оннук шаурмичнайдары эмиэ бэрээдэктиир былааннаах.
“Наливайкалары” тохтотуу
Дмитрий Садовников арыгылааһын утары охсуһуу үлэтин салҕыыр санаалаах. Олохтоохтор илии баттааһын хомуйан туран үҥсүү киллэрдэхтэринэ, “наливайкалар” сабылларга күһэллэллэр. Баһылык “арыгы атыытынан дьарыктанар урбаанньыттарга ааным аһаҕас” диэн этэн турар, уопсай тылы буларга бэлэм.

Хомуһу кыдыйыы
Куорат аҕа баһылыга Дмитрий Садовников көҕүлээбит хомуһу кытта охсуһуу хампаанньата өрө күүрүүлээхтик барда. Субуотунньуктар киин куорат араас уокуруктарыгар тэрилиннилэр, онно былаас уорганнарын, муниципальнай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна олохтоохтор кытыннылар.
Сайсары күөлү тула ыытыллыбыт субуотунньукка 280-ча киһи кытынна. 64,5 тыһыынча квадратнай миэтэрэ кэриҥэ хомус охсулунна.

Чөҥөчөктөрү түөрүү
Куорат управалара чөҥөчөктөрү, сиртэн чоройон турбут турбалары түөрэргэ күрэхтэстилэр. Чөҥөчөктөрү түөрүүгэ тэрилтэлэр, биирдиилээн энтузиастар кыттыстылар.
Аахсыйа саҕаланыаҕыттан түөрүллүбүт чөҥөчөк ахсаана 2 тыһыынчаны ырааҕынан куоһаран иһэр.
Баһылык көҕүлээһинэ норуоту түмтэ: манна управалары тэҥэ девелопердар, дьокутааттар, ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардар ассоциациялара уонна көннөрү олохтоохтор кыттыстылар. Баһылык сорудаҕынан саҕаламмыт аахсыйаны «Кибор», «ЖКХ Губинский» салайар хампаанньалар, «СЭТТЭ» хампаанньа бөлөҕө, «Монолит» ХЭТ, «УК Виктория-плюс» ХЭТ уо.д.а. өйөөтүлэр.
Баһылык бомбер, бейсболка уонна поло футболка кэтэрин ордорор.

Тэттик этиилэр:
- Бары Дим Димыч диэн ыҥыралларыгар үөрэнэн хааллым. Оннук да ааттыаххытын сөп. Оннооҕор федеральнай таһымҥа итинник ыҥырар буоллулар.
- Залогка “Старый город-2” баар буолуоҕа. Тутуллар.
- Мэрияны 17-с кыбаарталга көһөрүү туһунан этии “төрөөн иһэн өлбүтэ”.
- "Звезднайга" уулара сүгүн кэлбэт, вентиляциялара олох үлэлээбэт диэн ыйытыыга: "Онно барыта бырайыагынан оҥоһуллубута. Вентиляцията суох дьиэ үлэҕэ киирбэт. Барытыгар илии баттаммыт этэ".
- Саҥа дьоҕус оройуоннар тустарынан: “204, 205 түөлбэлэр былааннара номнуо баар. Кырдьыгынан эттэхпинэ, утарабын. Баар-суох күөх зонабыт эбээт. Тутар сир баар курдук…”