Бөтүүк (монолог)
Аммаҕа сырыттахпына Амма эбэ киэҥ хочолоро куһунан-хааһынан тобус-толору туолбут этэ. Онтон дойдубар Майаҕа кэлбитим, өссө ынырык, дьон бары, көҕүйсэ-көҕүйсэ, инкубатор кууруссаны ылыы да ылыы. Били көтөр кириибэ эрэ, саха эрэ, олох дьиҥнээх куриная лихорадка. Миэхэ үүт-үкчү “Лебединое озеро” балериналарын курдук муус маҥан кууруссалары аҕалан биэрдилэр. Дьэ маны ылан иитэҥҥин “хаһаайстыбаҕын хаҥатын” дииллэр. Аны туран бу инкубатор кууруссата “бөтүүгэ суох төрүүр үһү” дэһэ-дэһэлэр, дьахталлар эр киһитэ суох төрүөх айылаах тутталлар-хапталлар. Мин кууруссаларын дьиэбэр илдьэн, төһө эрэ сымыыттыыллар диэн кэтэс да кэтэс. Хантан сымыыттыахтарай. Санааҥ көрүҥ ээ, хайдах дьахтар буолан баран эр киһитэ суох төрүөй. Дьэ ол иһин мин ыаллартан бөтүүк буллум. Син бэрт баҕайы бөтүүк эбит. Онтубут аҕалан, кууруссаларбар киллэрэн: “Һыккылаар, бу будущай сымыыттаргыт паапаларын аҕаллым”, - диэтим. Курууссаларым хайдах эрэ кыбыстыбыт курдук тутталлар-хапталлар, оттон бөтүүгүм активнайа бөҕө, ылсыах-бэрсиэх курдук көрөр-истэр. Дьэ онон “арааһа бу уол сымыыты сымыыттатара буолуо” диэн буолла. Уонна үстэ силлээн баран киирэн утуйан хааллым. Бөтүүгүм алтаҕа-сэттэҕэ хайаан да хаһыытыахтаах диэн эрэнэнэ кэтэһэ сытабын. Кэтэс мэлигир, кэтэс мэлигир. Хайа, доо, бу олох хаһыытаабат бөтүүгү ылбыппын дуу, уоппускатыгар сылдьар дуу? Бээ, көрдөххө сатаныыһы диэн күрээтинньикпэр тахсыбытым, доҕоор! Күрээтиньигим иһэ бүтүннүү куурусса түүтэ буолбут. “Тыый, туох буолбут буоллахтарай? Ээ, арааһа, ити мин киһим кыргыттарбын сыгынньахтаталаабыт быһыылаах” дии санаатым. Онтон өйдөөн көрбүтүм, олох да бөтүүгүм түүтэ эбит. Тыый, оттон бэйэтэ ханна барбыт буоллаҕай диэммин, ол-бу диэки көрө сатаатым да, суох. Онтон өйдөөн көрбүтүм, тарааҕа эрэ чоройон түүтүн быыһыгар олорор эбит. “Оо дьэ, киси да бөҕөтөҕүн”, - дии-дии, тарааҕыттан өрө ыйаан таһаарбытым, пахай, олох сыбыс-сыгынньах, бүтүннүү үргээбиттэр, обот да түүтүн ордорботохтор, арааһа, көстүүмүн сирбиттэр. Ньиэрбинэйдээн, "сылдьыах буолаххына маннык да сылдьыаҥ ээ" диэн баран таһырдьа быраҕан кэбистим. Кууруссаларбын эмиэ үүртэлээн таһаардым уонна толкуйдаан көрбүтүм, күрээтинньикпин кыраҕас гына тутаммын, муунту буоланнар чыычылаабыттар быһыылаах. Бээ, баҕар, киэҥ сиргэ таҕыстахтарына, арыый чугасыһаллар ини диэбитим, хантан, киниэхэ эрэ наадыйбаттар. Ол иһин бөтүүгүм эрэйдээх тулаайах оҕо курдук соҕотоҕун сылдьаахтыыр, эрбэһин быыһыгар дугуйданар. Туох аанньа буолуой, сыгынньах иһиттэн кыбыстаахтыыр буоллаҕа дии. Билигин манна эр киһини таһааран ньылбы сыгынньахтаан кэбиһэр киһи, бары да кыбыстаа инибит. Аны туран ыалым аах эмиэ кууруссалаахтар, онтуктара бөкүнүһэн олох саха боруодалара. Бөтүүктэрэ эмиэ мөлбөллөн олох омук уолун курдук, сотору-сотору кууруссаларын үрлдүгэр тахсан тэпсэр. Онтон мин улахан баҕайы инкубатор кууруссаларым бөтүүкпэр тэбистэриэхтээҕэр, хата, бэйэтин тэпсээри сор. Ол иһин эрэйдээҕим сыыһа олох ыран хаалла. Аны туран, анараа бөтүүк күн ахсын кууруссаларын тэпсэ-тэпсэ сарылатар-хаһыытатар. Ол аайы миэнэ ымсыыраахтыыр эрэ. Эрбэһин быыһыттан төбөтүн быктаран көрөөхтүүр, сыгыньах иһин кынатын дуомунан бүөлэнэн баран, тахсан чугаһыы сатыыр да, анараа бөтүүк хантан чугаһатый, күнүүлээн туох да алдьархай.
Биир үтүө күн дьиэбэр чэйдии олордохпуна, эмээхсининм түннүгүнэн көрөн: “Бөтүүктэр охсуһан эрэллэр”, - диэн сары бөҕөнү сарыылаата, хаһыы бөҕөнү хаһыытаата. “Оо, бөтүүкпүн сиэтэҕэ” диэммин, таһырдьа ыстанан таҕыстым. Көрбүтүм, кытай кыргыһыыта онно буола турар эбит. Анараа бөтүүк тарааҕа чоройуу бөҕөнү чоройбут, түүтэ туруу бөҕөнү турбут. Оттон миэнэ эрэйдээх тугун туруоруой, сыбыс-сыгынньах. Сыгынньах иһэ бүтүннүү хаан буолаахтаабыт. Олох лаппа хотторон эрэр. Онтон мин тахсыбыппын көрдө. “Оо, мин киһим кэллэ ээ” диэтэ быһыылаах, олох харса суоҕар киирдэ. “Сиир буоллаххына ситэритэ сиэ” диэн маатыралаан баран, үрдүгэр түстэ. Ону анараа бөтүүк тулутуо дуо? Ыстанан тахсан баран, хара быарга тэбэн саайда. Миэнэ эрэйдээх тас иэнинэн таралыы түстэ, ойон турда, дьэ ыксаата ээ. Били бөх умаппын сирбин көрдө да, сэриигэ “дымовой завес” оҥороллорун санаата быһыылаах, күлгэ ыстанан киирдэ, анараа бөтүүк ыстанан истэҕинэ, сирэйигэр күлү ыһан күдээриттэ. Бөтүүк ытырдан ыыра барда. Мин киһим ону эрэ кэтэһэ турбут, сарылыы түһээт, тарааҕар түстэ. Алдьархай, дьэ, саҕаланна: күл олох өрө ытыллан олорор, туох да көстүбэт. Чэ бээ, хайаһаллар эбит диэн кэтэһэн турдум. Онтон өр-өтөр буолбата, күл быыһыттан туох эрэ хап-хара тахсан кэллэ. Өйдөөн көрбүтүм, бэйэлээх бэйэм бөтүүгүм эрэйдээх эбит. Сыгынньах иһэ бүтүннүү күл буолаахтаабыт, хараҕа тобус-толорру бүтүннүү күлүнэн туолбут, онтун аһа сатаахтыыр. Сылайыы бөҕөнү сылайбыт, байааттаҥныыр, охтумаары кынатынан тайанаахтыыр. Тыла быгыар диэри сылайбыт буоллаҕа диэбитим, олох да анараа бөтүүк тарааҕын ытыран турар эбит, төрдүттэн быһа тардан ылбыт. “Оо, бу ыал бөтүүгүн сиэбит” диэбитим, анараа бөтүүк күл быыһыттан ойон турда да, хахтаммыт хортуоппуй курдук тарааҕа суох төбөтүн умса туттубутунан, олбуорун диэки сүүрэ турда.
Аркадий Новиков “Ээ, дьэ көр диэтэҕиҥ!” кинигэтиттэн,
“Бичик” кинигэ кыһата, 2012 с.