Бөҕү наардыыр комплексы ахсынньы 1 күнүгэр диэри үлэҕэ киллэрэр сорук турда
«Сылга 149 тыһыынча туонна кыамталаах бөҕү наардыыр тэрил таҥыллан турда – билигин комплексы үлэҕэ киллэрии болдьоҕун уларыппакка эрэ хаалбыт үлэни ситэрии ирдэнэр», – диэн иһитиннэрдэ Айсен Николаев МАХ ханаалыгар.
Саҥа комплекска бөҕү наардааһын тэриллиэҕэ. Кытаанах бөх 30 % кэриҥин салгыы переработкаҕа ыытары былаанныыллар.
Маны сэргэ, Айсен Николаев нэһилиэнньэлээх пууннар ыраас буолуулара саҥа эбийиэктэри үлэҕэ киллэриитэн эрэ буолбакка, бөҕү кэмигэр тиэйииттэн уонна контейнер былаһааккаларын туругуттан эмиэ тутулуктааҕын бэлиэтээтэ.
«Муниципалитеттар баһылыктарыгар былаһааккалары оҥорууга уонна контейнердары атыылаһыыга хантараактары кэмигэр толорууну хааччыйарга сорудахтаатым. Быйыл 83 былаһаакка оҥоһулунна уонна 269 контейнер атыылаһылынна, оттон 2026 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри бигэргэтиллибит сыллааҕы былаан бары дьаһалларын ситэриэххэ наада», – диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга тоһоҕолоон эттэ.