20.03.2026 | 13:59 | Просмотров: 136

Бүгүҥҥүттэн БКЭ саҕаланна

Оскуолаларга БКЭ-ни болдьоҕун иннинэ туттарыы саҕаланна. Эксээмэннэр кулун тутар 20 күнүттэн муус устар 20 күнүгэр диэри эрэгийиэннэргэ ыытыллыахтара. Бу туһунан Рособрнадзор бэйэтин Телеграм-ханаалыгар суруйар.
Бүгүҥҥүттэн БКЭ саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Болдьох иннинэ туттарыыга 2542 киһи суруйтарбыт. Эксээмэни урукку сылга бүтэрбит выпускниктар, колледж уонна техникум үөрэнээччилэрэ, ону тэҥэ омук тэрилтэлэригэр орто уопсай үөрэхтээһини ылааччылар туттарыахтарын сөп.

Болдьох иннинэ туттарыы күнэ-дьыла:

кулун тутар 20 күнэ — география уонна литература;

кулун тутар 24 күнэ — нуучча тыла;

кулун тутар 27 күнэ — базовай уонна профильнай математика;

кулун тутар 31 күнэ — биология, физика уонна омук тыллара (суругунан чааһа);

муус устар 3 күнэ — омук тыллара (тылынан чааһа);

муус устар 7 күнэ — информатика, обществознание;

муус устар 10 күнэ — история, химия;

муус устар 13 - 20 күннэрэ — бары предметтэргэ резервнэй күннэр.

БКЭ-ни туттарыы сүрүн кэмэ үөрэх дьыла түмүктэммит кэннэ ыытыллыаҕа — бэс ыйын 1 – от ыйын 9 күннэрэ. 

ОГЭ, 9-с кылаастар туттарар тургутуктара, үс түһүмэҕинэн ыытыллыа: болдьох иннинэ (муус устар 21 күнүттэн ыам ыйын 18 күнүгэр диэри), дьиҥнээҕэ (бэс ыйын 2 – от ыйын 6 күннэрэ) уонна эбии (балаҕан ыйын 3-25 күннэрэ).

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.