31.10.2026 | 10:30 | Просмотров: 117

Бүгүн тустууну таптааччылар өйдүүн-санаалыын Астанаҕа "тиийэбит"

Уолаттарбытыгар "ыалдьабыт". Бөҕөстөрбүт бастакы утарылаһааччылара кимнээҕий?
Бүгүн тустууну таптааччылар өйдүүн-санаалыын Астанаҕа "тиийэбит"
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир

Санатан эттэххэ, бу күннэргэ Астана куоракка буола турар көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр биэс саха бөҕөһө кыттар. Бэҕэһээ Олимпиада кыттыылааҕа Георгий Окороков (61 кг диэри) күрэхтэһиини бастакынан саҕалаата. Бүгүн атын бөҕөстөрбүт көбүөргэ тахсалларын күүтэбит.

Ол курдук, 57 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга кытталлар: Европа чөмпүйүөнэ Владимир Егоров (Македония), Азия оонньууларын боруонса призера Айаал Белолюбскай (Таджикистан) уонна 2021 сыллааҕы аан дойду чөмпүйэнээтин үһүс миэстэлээҕэ Арыйаан Тютрин (Беларусь). Ону тэҥэ 74 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга Азия оонньууларын өссө биир призера Виктор Рассадин (Таджикистан) кыттар.

Кинилэр бастакы утарылаһааччыларын билсиэҕиҥ.

Аан дойду чөмпүйэнээтин призера Арыйаан Тютрин Алжир эрэлэ Муад Чибанины кытта хапсыһыаҕа.

Азия оонньууларын боруонса призера Айаал Белолюбскай бастакы утарылаһааччытынан Япония бэрэстэбиитэлэ Ямато Огава буолуоҕа.

Европа чөмпүйүөнэ Владимир Егоров Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын лиидэрэ Абубакар Муталиевтыын күөн көрсүөхтэрэ.

Оттон Азия оонньууларын боруонса призера Виктор Рассадины көбүөргэ Узбекистантан эдэр тустуук Джаховир Чулибоев күүтүөҕэ.

Тустууктарбыт бүгүн көбүөргэ хаска тахсалларын бу сигэнэн киирэн көрүөххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп