29.10.2026 | 16:30 | Просмотров: 77

Бүгүн куорат телебашнятын уота кыһыл өҥүнэн умайыа

Бу Саха сиригэр тэлэбиидэнньэ уонна сибээс сайдыытыгар бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыт салайааччыга махтал бэлиэтинэн буолуоҕа.
Бүгүн куорат телебашнятын уота кыһыл өҥүнэн умайыа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр, киэһэ 20:00 чаастан 22:00 чааска диэри Дьокуускай телебашнятын уота Секлетея Алексеевна Курчатова төрөөбүтэ сүүс сылынан кыһыл өҥүнэн умайыаҕа.

Секлетея Алексеевна Курчатова 1973 сылтан Саха АССР Гостелерадиотын салайбыта. Ол кэмҥэ тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа биэриилэригэр туттуллар тэрил-тээбирин саҥардыллыбыта, Саха сирин тэлэбиидэнньэтэ өҥнөөх көрдөрүүгэ көспүтэ, 225 миэтэрэлээх телебашня туруоруллубута, сигналы ылыы хаачыстыбата тупсубута уонна биэрии хабар зоната кэҥээбитэ.

Кини көҕүлээһининэн Ленинградтан Дьокуускайга көһө сылдьар тэлэбиидэнньэ ыстаансыйатын аҕалбыттара, ол көмөтүнэн суруналыыстар сюжеты миэстэтигэр туран устар кыахтаммыттара.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.