Бүгүн бу сүбэлэри туһаныҥ. Гороскоп.
Бүгүн, 2026 сыл алтынньы 7 күнүгэр, сулустар бары бэлиэлэргэ бэйэ сыыһатын өйдүүргэ, урукку дьыалалары уонна сыһыаннары сааһылыырга сүбэлииллэр. Эмоцияҕа баһыйтарбакка, ис толкуйу истии уонна тулуурдаах буолуу ситиһиини аҕалыа.
♈ Хой (21.03 – 20.04)
Бүгүн туох эмэ улахан быһаарыныыны ылынаргар эмоцияҕар баһыйтарыма, ырыҥалаан көр. Ис таайан көрөр дьоҕуруҥ бүгүн сөптөөх суолу биллэриэ. Күүскүн-уоххун саҥа мөккүөрдэргэ буолбакка, урукку дьыалалары бүтэрэргэ туһаай.
♉ Оҕус (21.04 – 20.05)
Дьиэҕэ-уокка уонна үлэҕэ бэрээдэги олохтуур, ыһыллыбыты сааһылыыр күн. Кэллиэгэлэргин кытта идэ-үлэ тиэмэтигэр мөккүһүмэ, син биир тугу да дакаастаабат күнүҥ. Доруобуйаҕар болҕой.
♊ Игирэлэр (21.05 – 21.06)
Эн бүгүн бытархай дьыалаларга батыллыбакка, биир саамай тутаах сорукка күүскүн туһаайарыҥ ордук. Урукку дьүөгэҥ дуу, урукку тапталыҥ дуу биллэн ааһыан сөп. Ол эрээри ол сыһыаны саҥаттан саҕалыыр кэскилэ суох буолар чинчилээх. Киэһэни сөбүлүүр дьарыккар анаа.
♋ Араак (22.06 – 22.07)
Бүгүн үп-харчы боппуруостарыгар сэрэхтээх буол. Туох эрэ сыаналааҕы атыылаһаргын эбэтэр атыылыыргын тохтото түс. Үлэҕэ урукку олоҕурбут ньымалары тутуһар ордук, саҥаны айа сатаан, эксперименныыр наадата суох. Киэһэни чуумпутук дьиэҕэр атаар.
♌ Хахай (23.07 – 22.08)
Бүгүн аймахтаргын, ордук саастаах дьону кытта, сыһыаны тупсарарга үтүө күн. Кинилэргэ туох эмэ кыра, ис хоһоонноох бэлэх оҥордоххуна сыһыан тупсуо. Тулалыыр дьону кытары кэпсэтэргэ сэрэхтээх буол, үлүбээй тыллаһыма.
♍ Кыыс Куо (23.08 – 22.09)
Төннөн кэлбит урукку кыһалҕа, хомолто дуу баар буоллаҕына, маҥнай бэйэҥ туох сыыһаны оҥорбуккун ырытан көр. Тапталлааххын дуу, чугас киһигин дуу кытары ис дууһаҕыттан аһаҕастык кэпсэтэриҥ үтүө түмүктээх буолуо. Урукку өйдөспөт быһыыны суох гыныа.
♎ Ыйааһын (23.09 – 22.10)
Олоххор уларытыылары киллэрэргэ, өр кэмҥэ былааннаабыт саҥа хардыыны оҥороргор бүгүн олус табыгастаах күн. Кутталтан сылтаан биир сиргэ олорон хаалыма, инниҥ хоту хорсуннук хаам. Куйаар бүгүн саҥа саҕалааһыннаргын өйүө.
♏ Ооҕуй (23.10 – 22.11) Былааннарыҥ кыратык уларыйыахтарын сөп. Ол эрээри онтуҥ үчүгэйгэ эрэ буолуо. Тулалыыр дьону кириитикэлииртэн уонна сытыытык этэртэн туттун, улаханнык өйдөспөт быһыы тахсыан сөп. Тулуургун уонна бэйэни сатаан салайа тутаргын көрдөр.
♐ Охчут (23.11 – 21.12)
Мунньуллубут куһаҕан санааттан уонна стресстэн босхолонорго бүгүн чугас доҕоргун (кыргыттар — чугас дьүөгэлэргитин) кытары аһаҕастык кэпсэтэриҥ ордук. Кини сүбэтэ-амата уонна сатаан истэр сатабыла эйиэхэ күүһү-уоҕу уонна дууһа холкутуйуутун аҕалыа.
♑ Чубуку (22.12 – 19.01)
Бүгүн бэйэҥ итэҕэстэргин уонна урукку сыыһаларгын ырытан көрөргөр, соҕотох хаалан өйү-санааны сааһылыыргар барсар күн. Киһи барыта эйиэхэ кэлэн мэһэйдиэҕин баҕарбат буоллаҕына, бүгүҥҥү күнү бэйэҥ ис эйгэҕэр анаа.
♒ Күрүлгэн (20.01 – 18.02)
Олоххор тугу эмэ уларытыаххын баҕарар санааҥ күүһүрэр чинчилээх. Улаханнык бутуллубат гына, кыра дьыалаттан саҕалаа: дьиэҥ иһин уларыта, тээбиринин сыҕарыта түс эбэтэр саҥа штората ыйаа. Улахаҥҥа ылсары тохтото түс.
♓ Балыктар (19.02 – 20.03)
Уһун кэм устата көрсүбэтэх, сибээһи сүтэрбит урукку билэр дьоҥҥун кытары сыһыаны саҥардарга тоҕоостоох күн. Кинилэр бүгүн улахан кыһалҕаҕын эбэтэр үлэҥ боппуруостарын быһаарарга улахан көмө уонна сүбэ буолуохтарын сөп.