Бүддьүөт миэстэтэ элбээтэ
2026 сылга үрдүк үөрэх кыһаларыгар бүддьүөт миэстэтин ахсаана элбээтэ. Бу туһунан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа Судаарыстыбаннай бэлиитикэ сэбиэтигэр нуучча тылын өйөөһүн туһунан мунньахха Үөрэҕирии уонна наука миниистирэ Валерий Фальков иһитиннэрдэ.
«Бастатан туран, биһиги бүддьүөт миэстэлэрин, атыннык эттэххэ, манна сыыппаралары тыырыыны хонтуруоллуурбутун бэлиэтиэххэ наада. Быйыл ити миэстэлэр ахсааннара ааспыт сыллааҕар элбээтэ. Быһа холоон, 250-тэн тахса миэстэнэн элбэх. Бу улахан суолталаах түгэн», — диэн Фальков бэлиэтээтэ.
Урукку интервьютугар бэлиэтээбитинэн, бэлэмнэнии хайысхаларыттан ордук инженернэй-тэхиньиичэскэй, ону тэҥэ мэдиссиинэ уонна педагогическай идэлэр ирдэнэллэр.
Маны таһынан, саҥа үөрэх дьылыгар бары үрдүк үөрэх кыһаларыгар түөрт булгуччулаах биридимиэт киириэҕэ: история, Арассыыйа судаарыстыбаннаһын төрүттэрэ, философия уонна нуучча тыла.
«Бу хайысхалары инники идэлэриттэн, үөрэнэр көрүҥнэриттэн уонна таһымнарыттан тутулуга суох бары үөрэтиэхтэрэ», — диэн Үөрэҕирии уонна наука миниистирэ быһаарда.