16.10.2026 | 12:34 | Просмотров: 108

Бүдүрүйбүт көнөр дуо?

Саха сиригэр түптээн олорор дьиэтэ-уота суох, үлэлэрэ-дохуоттара мэлигир, ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо ананар “Олоххун уларыт” диэн социальнай-аһымал аахсыйа баар. Эрдэ бу тэрээһин “Дьиэҕэ төннөр суол” диэн аатынан ыытыллара.
Бүдүрүйбүт көнөр дуо?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оннук аахсыйа 14-с түһүмэҕэ Дьокуускайга буолан ааспыт.

Тэрээһин СӨ ИДьМ уонна киһи быраабыгар боломуочуйалаах көҕүлээһининэн, судаарыстыбаннай, өрөспүүбүлүкэтээҕи былаас, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр  кыттыыларынан тэриллэр. 

Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 2018 сыл атырдьах ыйыттарн саҕалаан, 14-с төгүлүн ыытыллыыта.

Олох уустук балаһыанньатыгар түбэспит, олорор сирдэрэ, үлэлэрэ-хамнастара суох, асоциальнай олоҕунан олорор, ол иһигэр күлүүс хаайыытыттан тахсыбыт дьону бу аахсыйаҕа кытыннараллар.

Кинилэр бу тэрээһиҥҥэ кэлэн, фтизиатр, терапевт, нарколог быраастарга көрдөрүнэр кыахтаналлар. Хаан анаалыһын туттараллар, ФЛГ-га түһэллэр, уйулҕа үөрэхтээхтэрин сүбэтин истэллэр. Ону тэҥэ бу күн сылаас аһынан кинилэри аһаталлар. Докумуоннарын сүтэрбит дьон баар буоллаҕына, онтуларын чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөллөр. Төһө сатанарынан, үлэ булан биэрэллэр, приюттарга олохтууллар.

Бу сырыыга 33 киһи аахсыйаҕа кэлэн барбыт. Ол түмүгэр 3 киһи саҥа пааспардаммыт. Социальнай үөрүйэхтэниини ааһар отделениеҕа биир киһи киирбит. Доруобуйаларын көрүү түмүгэр үс киһиттэн биирдэрэ сэлликтээбит чинчилээҕэ, биир киһиэхэ – В гепатит вируһа, оттон түөрт киһи ... венерическэй ыарыылаахтара быһаарыллыбыт.

“Бу дьоҥҥо, биллэн турар, мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллуо, салгыы чинчийиини ааһыахтара, эмтэниэхтэрэ”, – диэбиттэр.  

Киһи инникитин тымтыктанан көрбүтэ баарай, олох араас буолуон сөп. Онон маннык ускул-тэскил сылдьар, дьон кырыы хараҕар киирбит, уопсастыба туората көрөр дьонугар көмө, өйөбүл оҥоһуллара --  саамай сөптөөх быһаарыы. Аахсыйа ыытыллара элбээн иһэрэ буоллар, туһата-көдьүүһэ өссө улахан буолуо этэ. Бүдүрүйбүт да ардыгар көнүөн сөп.

Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускайга баар социальнай үөрүйэхтэнии отделениета “Тирэх” диэн ааттанар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинин тутулугар киирсэр. Богдан Чижик аатынан уулусса 31/4 нүөмэригэр түстэнэн үлэлиир. Стационар 90 куойкалаах. Төлөпүөннэрин нүөмэрэ: +7 (4112) 21-00-29 уонна +7 (4112) 21-00-52.

Манна киирбит дьоҥҥо докумуоннарын чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөллөр, социальнай көмө оҥоһуллар. Оттон уонна сылаас, ыраас таҥаска утуйаллара, итии аһынан хааччыллаллара, баттах-тыҥырах да кырыйтараллара, ыраас таҥас да кэтэллэрэ – тустаахтарга туһата ханна барыай? Мантан инньэ халлаан тымныйыа, дьиэ анныгар, дьиэ подъезтарыгар хоргойор кэмнэрэ кэлэн эрдэҕэ. Онон ити наадалаах төлөпүөннэри сурунан кэбиһиҥ. 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.