13.10.2026 | 17:30 | Просмотров: 71

Айылҕа кыылын көрүстэхпитинэ...

Дьиикэй кыыл дьон олорор сиригэр бэйэтэ тахсан кэллэҕинэ, көрүстэхпитинэ тугу гыныахтаахпытый? Ол туһунан Экология министиэристибэтигэр кэпсээтилэр.
Айылҕа кыылын көрүстэхпитинэ...
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ
Бөлөххө киир

Халлаан тымныйан барда даҕаны Саха сирин араас муннуктарыгар айылҕа кыыллара, көтөрдөрө дьоҥҥо тахсаллара, көстөллөрө элбиир.

СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, ханнык да түгэҥҥэ дьиикэй кыыллары тыытымаҥ, бэйэҕитин кытта ылан барымаҥ.

  1. Бастатан туран дьиикэй кыылы бэйэҕэ иҥэринии көҥүллэммэт.
  2. Кыыллар дьоҥҥо кутталы үөскэтиэхтэрин сөп. Дьиикэй кыыллар араас ыарыыны тарҕаталлар – киһи эмиэ сүһүрүөн сөп.
  3. Кыыл стресстиир уонна эчэйиэн сөп. Айылҕа кыыла бастаан көрсөргүтүгэр туга да ыалдьыбатах буолбутун иһин, атын эйгэҕэ киирэн кини ыалдьан хаалыан, суорума да суолланыан сөп.

Куорат сиригэр-уотугар дьиикэй кыылы көрүстэххитинэ Экология министиэристибэтин «Экобот Якутии» чат-бот нөҥүө MАКС мессенджергэ бу сигэнэн ыытаҕыт: https://max.ru/my_ykt_ecobot

Иһитиннэриини ыытаргытыгар ханнык кыылы, хаһан, чуолкай ханна көрбүккүтүн, төһө кыалларынан координаталарын ыытаҕыт.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.