13.11.2025 | 15:57 | Просмотров: 140

“Айылҕа аартыгынан”

Быйыл Дьокуускай куораттааҕы “Күнчээн” 17 № -дээх уһуйаан Дьокуускай  куорат уокуругун иһинэн тэриллэр “Норуот бүддьүөтэ” бырайыакка кыттарга сананныбыт.
“Айылҕа аартыгынан”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

      “Айылҕа аартыгынан” бырайыак оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕо сайдар эйгэтин тэрийэр, сибиэһэй салгыҥҥа этин-сиинин эрчийэр, доруобуйатын чэбдигирдэр, төрөөбүт айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитэр, көмө-тирэх буолар аналлаах. 

 Кэм-кэрдии уларыйан, олохпут балысханнык сайда турар. Саҥа сонун сүүрээн киирэр,сайда турар кэмигэр оҕолорбутун айылҕаны харыстыырга, айылҕа кэрэтин кэрэхсииргэ иитэр, өбүгэбит олорон ааспыт олоҕун суолун омоонун билиһиннэрэр хаһааҥҥытааҕар да тоҕоостоох. Бу бырайыак көмөтүнэн оҕолорбут саха төрүт оонньууларын нөҥүө сымса туттуулаах-хаптыылаах,кыраҕы харахтаах,холку майгылаах буола улаатар кыахтаахтар,  чинчийэр билэр-көрөр дьоҕурдара сайдыахтаах.



Бу бырайыакка былаан быһыытынан көрүллэр:
- Улуу Арассыыйа модун күүһүн бэлиэтиир сүрүн символикалара;
- Эти-сиини эрчийэр, доруобуйаны чэбдигирдэр далаһалар;
- Оҕо эчэйиини ылбатын туһугар туспа күрүө;
- Өбүгэлэрбит үгэс быһыытынан олорон ааспыт балаҕан дьиэлэрэ  (холлоҕос);
- Көмүлүөк – симии оһох;
- Ыйынньыктар;
- Араас быһыылаах кыыллар, туттар тэрил;
- Көлүччэ;
- Саха сирин эмтээх отторун чинчийэр, уопут оҥорор, наукаҕа бастакы хардыылары оҥорорго аналлаах долбуурдар.

Убаастабыллаах куорат олохтоохторо,ыалдьыттара!
Оҕолорбут кыра саастарыттан сайдар эйгэлэрин тэрийэр бырайыакка куоласкытын биэрэргитигэр ыҥырабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.