«Айтыын» аныгы кэм идэтигэр үөрэтэр!
Чопчута, Покровскайдааҕы «Айтыын» сыыппара технологиятын колледжыгар. Манна эмиэ ЕГЭ баала да, төлөбүр да ирдэммэт. Үөрэххэ киирбиттэри уопсай дьиэнэн хааччыйаллар.
9 кылаас кэнниттэн «Разработка компьютерных игр, дополненной и виртуальной реальности» үөрэнэн, виртуальнай реальность дэгэттээх көмпүүтэр оонньууларын оҥорооччу идэтин баһылыахха сөп. 3 сыл 10 ый уһуннаах үөрэх.
11 кылаас кэнниттэн:
«Обеспечение информационной безопасности автоматизированных систем» диэҥҥэ үөрэнэн, иһитиннэрии көмүскэлигэр үлэлиир техник идэтин ылыахха сөп. Ону таһынан «Информационные системы и программирование» киирэн, программист буолан тахсар кыахтааххыт.
Ону таһынан Горнай Бэрдьигэстээҕэр «Туризм и гостеприимство» үөрэххэ туттарсан, туризм уонна ыалдьытымсах буолуу исписэлииһин идэтин баһылыахха сөп. Үөрэнии болдьоҕо оскуола кэнниттэн киирбиттэргэ – 1 сыл 10 ый. Өссө «Монтаж, техническое осблуживание и ремот медицинской техники» диэн үөрэххэ техниктэри бэлэмнииллэр. Бу идэҕэ 2 сыл 10 ый үөрэниллэр. 8(41144) 45-242 нүөмэргэ эрийэн чопчулаһыахха сөп.
Быстах, сезоннай үлэҕэ наадыйааччыга
Уоппуска кэмигэр үлэлииргэ, үлэтэ суохтар быстах кэмҥэ үлэлээн дохуоттаналларыгар көмөлөөх «Snaffort» диэн ааҕыныстыба үлэлээбитэ хайыы үйэ 8 сыл буолбут. Ханнык үлэлэрий диир буоллахха, куруусчут, араас оробуочай үлэтэ, муоста сууйааччы, комплектовщик, мерчандайзер уо.д.а.
«Баазабытыгар 15 тыһ. тахса үлэһиттээхпит. Биирдэ толоруллар үлэттэн саҕалаан, дьыл кэминэн көрөн үлэлээччилэри булабыт, уһун кэмнээх бииргэ үлэлэһиигэ эмиэ дуогабардаһабыт. Биисинэстээхтэр соруһаллар, тоҕо диэтэххэ бастайааннай үлэһити тутардааҕар ФОТ-ка, нолуокка быдан барыһыраллар», – диэн кэпсээтилэр. Офистара Ойуунускай уул., 16/1 нүөмэрин 9-с офиһыгар баар эбит.
Кылгастык, маннык. Олорума, хамсан, ыйыталас, киһи олоҕун бэйэтэ оҥосторун умнума.
Хаартыскалар: Тус архыыптан