29.10.2026 | 12:00 | Просмотров: 80

Айан-сырыы биир тутаах көлөтө – оптуобус

СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ улуустар икки ардыларыгар дьону таһар маршруттар тустарынан иһитиннэриититтэн.
Айан-сырыы биир тутаах көлөтө – оптуобус
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билиҥҥи туругунан, уопсайа 7 маршрут үлэлиир:

201№-дээх маршрут: Дьокуускай — Покровскай — Мохсоҕолоох — Дьокуускай туһаайыытынан сылдьар.

202 №-дээх: Дьокуускай — Маҕарас — Бэрдьигэстээх — Дьокуускай;

203 №-дээх: Дьокуускай — Нам — Хатырык — Дьокуускай;

206 №-дээх : Аллараа Бэстээх — Чурапчы — Аллараа Бэстээх (сайын уонна сайыҥҥы-кыһыҥҥы өттүгэр);

206А №-дээх: Дьокуускай — Аллараа Бэстээх — Чурапчы — Аллараа Бэстээх — Дьокуускай (кыһын эрэ);

209 уонна211  №-дээхтэр: Дьокуускай — Жатай — Дьокуускай.

2026 сыл инники  тоҕус ыйынааҕы туругунан, бу маршруттарынан таһыллыбыт дьон ахсаана 822 тыһыынча 5 сүүс киһи буолбут. Ити кэмҥэ  рейс уопсай ахсаана — 18 тыһыынча.

Муҥутуур элбэх сырыы Дьокуускай — Жатай икки ардыгар бэлиэтэммит: манна 769 тыһыынча 300 киһи айаннаабыт.15 тыһыынчаттан тахса  рейс оҥоһуллубут. Итинтэн атын хайысхаларга (Покровскай, Бэрдьигэстээх, Нам, Чурапчы улуустарыгар) 53 200 пассажир айаннаабыт, 2,4 тыһ. тахса рейс толоруллубут.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.