«Айа, уурайар эбиппин! Сөп буолуо!»
Сорохтор (11%) күн аайы уурайар туһунан толкуйдууллар, 14% – нэдиэлэҕэ биирдэ, 10% – ыйга биирдэ, 7% – сыл аҥаарыгар эбэтэр сылга биирдэ эмэ.
Ол да буоллар ыйытыкка кыттыбыт хас төрдүс киһи маннык санааҕа ылларбатын билиммит.
Кэмиттэн кэмигэр үлэлэриттэн уурайыахтарын баҕараллар: кэрэ аҥаардар – 66%, эр дьон – 56%.
Күҥҥэ хаста да субу ойон туран барар санаа киирэр: 19% дьахтар аймахха, 11% эр дьоҥҥо; туһааннааҕынан күҥҥэ биирдэ оннук санаа охсуллан ааһар – 14% уонна 8%.
35-тэн 45-гэр диэри саастаах дьон үлэттэн уурайар туһунан ордук элбэхтик (63%) толкуйдууллар, оттон эдэрдэр (55%) уонна аҕам саастаахтар (57%) – арыый аҕыйахтык. Ол гынан баран 45-гэр диэри саастаах сорох үлэһиттэргэ (20%) маннык санаа күҥҥэ хаста да күөрэйиэн сөп.
«Барытын быраҕан барар» баҕа чуолаан үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэри кэмиттэн кэмигэр үүйэ-хаайа тутар эбит.
Аны туран, 100-150 тыһыынча солк. хамнастаах дьону тэрилтэттэн «куотар» санаа ордук элбэхтик (71%) буулуур.
Ыйытык ыытыллыбыт кэмэ: 2026 сыл алтынньы 2 күнүттэн 14 күнүгэр диэри.