17.10.2026 | 13:30 | Просмотров: 116

“Автозимниктар” – хоту дойду дьылҕатын быһаарар суоллар

Бу өрөбүлгэ Арассыыйаҕа Суол хаһаайыстыбатын үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр.
“Автозимниктар” – хоту дойду дьылҕатын быһаарар суоллар
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ, "Арктика суоллара" СӨ ХТ пресс-сулууспата
Хаартыска: Дьоруой тиксэриитэ
Бөлөххө киир

Биһиэхэ “Арктика суоллара” Саха өрөспүүбүлүкэтин хааһынатын тэрилтэтин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, Арктика уокуругуттан Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Сергей Сивцев тус хоту тайаан сытар улуустарга суол-иис хайдах оҥоһулларын, туох кыһалҕалары көрсөллөрүн кэпсээтэ.

— Сергей Афанасьевич, Саха сиригэр саамай уһун кыһыҥҥы суоллар бааллар – ол аата сыыппараҕа таһаардахха хайдаҕый?

— Биһиги тэрилтэбит 15 суолу, уопсайа 9 612 км үлэлэтэр. Олортон кытаанах дьапталҕалаах суол — 538 эрэ км. Уоннааҕыта 9 074 — “автозимниктар”, ол аата кыһыҥҥы суоллар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр Булуҥ, Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Усуйаана, Муома, Абый, Аллайыаха, Өймөкөөн, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Аллараа Халыма – сиринэн айанныыр суоллара кыһын эрэ баар.

Биһиги тэрилтэбит 9 суол учаастактаах, 2 прорабскай учаастактаах уонна 305 кэриҥэ суол үлэтигэр аналлаах тиэхиньикэлээхпит. Быйылгыттан өссө Эбээн Бытантай улууһугар Дьарҕаалаах, Кустуур суолларын, Дьааҥыга Бала, Бөтөҥкөс, Улахан Күөл суолларын балансабытыгар ыллыбыт.

— “Арктика суоллара” тэрилтэ 2014 сыллаахха тэриллибитэ. Хайдах саҕаламмытай?

— 2015 сыл устата тэрээһин үлэтэ барбыта. Улууска барытыгар кэриэтэ бэдэрээтчиттэр үлэлииллэр этэ. Абыйга уонна Муомаҕа учаастактарбыт үлэлээбиттэрэ, 2016 сыллаахха Дьааҥыга тэриллибитэ. Суоллары сыл аайы кыра кэрчиктэринэн ылан испиппит. Бастаан база тутар этибит, онтон үлэһиттэри уонна тиэхиньикэни буларбыт.

Улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара хаһаайына суох тутуулары биэрбиттэрэ – биһиги олору өрөмүөннээн, өрө тардан база оҥостубуппут. Ханна эрэ саҥа эбийиэктэр дьэндэйбиттэрэ, тиэхиньикэбит пааркатын наар саҥардабыт, хаҥатабыт. Арай наар биир кыһалҕа сытыытык турар – үлэһиттэр тиийбэттэр. Ол иһин каадырдарбытын бэйэбит үөрэтэн таһаарабыт уонна олорон эрэ үлэлииллэригэр сөптөөх услуобуйаны тэрийэбит. Билигин 300-чэкэ үлэһиттэннибит, үс гыммыт биирэ – эдэр ыччат, 35-гэр диэри саастаахтар. Ыччат бастаан суол оробуочайынан үлэлии киирэр, 1-2 сыл үөрэнэн баран суоппар эбэтэр машинист буолаллар. Арыллыахпытыттан тэрилтэбит 400 киһини үөрэттэ. Былырыын 37 эдэр үлэһиппитин үөрэттэрбиппит, быйыл – 26.

Үлэһиттэрбит олорор дьиэлэрин боппуруоһун бастакы уочарат быһаарабыт. Холобур, Куйгаҕа, Черскэйгэ, Хонууга, Баатаҕайга барытыгар холбоон 10 кыбартыыра, 3 хос баар. Сыл аайы ХИФУ-га бакалавриат хайысхатынан икки идэҕэ тус сыаллаах квоталары туруорсан ылабыт («Строительство. Автомобильные дороги» уонна «Наземные транспортно-технологические комплексы» идэлэргэ үөрэттэрэбит). Маны таһынан Автодорожнай техникумҥа квоталардаахпыт.

Билигин үлэбит барыта сааһыланан, өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар үлэлии сылдьабыт диэххэ сөп буолла.

— Суол-иис эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?

— Бу иннинэ төрөөбүт дойдубар Дьааҥыга улуус баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбитим, суол-иис боппуруостарыгар эмиэ эппиэтинэстээҕим. Суол тутуутун эйгэтэ интэриэһинэйин онно өйдөөбүтүм.

— Арктика суолун оҥорооччутун үлэтэ туохтан турарый?

— Кини үлэтэ икки чааска арахсар. Күһүөрү хойут массыына кыһыҥҥы суолларын бэлэмнээн барабыт: тиэхиньикэ өрөмүөннүүбүт, суолларга киириини-тахсыыны оҥоробут, төгүрүк сыл үлэлиир суолларбытын көрөбүт-истэбит. Болотоход диэн көлөнөн ыраах баар суолларга тиийэн дулҕаны кэрдэбит, саас улахан уйуктаах массыыналар хастаран кэбиспит суолларын көннөрөбүт.

Улуус аайы күн-дыл, климат атын-атын – ол иһин хас биирдии улууска тус-туһунан ньымалары тобулабыт. Туундараҕа буурҕаны,  силлиэни утары охсуһаҕын, хайалаах сиргэ тааҥнары, мууһу утары охсуһаҕын. Олох тоҥон биэрбэт күөллэр, үрэхтэр бааллар.

Сэтинньиттэн улуустарбытыгар суолу тэлии улахан үлэтэ барар. Бу саамай ыарахан үлэбит.

Тоҥуу хаарыынан суоллары тэлэбит. Аны сырдык кэм олус кылгыыр: миэстэҕэр тиийиэххэр диэри түүн буола охсор. Трекер диэн тэрилгэ эрэммэтэх ордук – үрэхтэр устар сирдэрин наар уларыта сыталлар, тааҥ, халҕаһалаах муус тахсара элбэх. Ол иһин бастаан “Трэкол” диэн көлөбүтүн ыытабыт, кэнниттэн чэпчэки уйуктаах тиэхиньикэ айанныыр. Муус чараас буоллаҕына төннөн кэлэн атын суолу көрдүүллэр. Мууһу халыҥатан кыһыҥҥы суоллары оҥоробут.

— Саамай уустук суоллар ханна баалларый?

— Дьааҥы учаастага саамай элбэх дьаһайар суоллаах – 1600 км тахсар. Саҥа дьылга дьоҥҥо ас-таҥас тиийдин диэн, кыһыҥҥы суолу төһө кыалларынан эрдэ тэлэ сатыыбыт.

Эбээн Бытантайга автозаправка суох, кыһын хочуолунайдарын уматыга бүтэр. Ол иһин кинилэр суоллара эмиэ эрдэ арыллыахтаах. Күн-дьыл туран биэрдэ да Бытантай өрүскэ тахсан мууһу ыраастаан, халыҥатан барабыт. Сэтинньи бүтүүтэ бастакы массыыналар Баатаҕай нефтебазатыттан уматык тиэйиитигэр тахсаллар.

Баатаҕай – Куйга суол уһуна 373 км, Дьааҥы улууһун хочуолунайдарыгар таас чох таһарга наада: сылга 80 тыһ. тахса туонна чох тиэллэр. Эмиэ бу суолунан Эбээн Бытантайга – 5200 туонна ньиэп бородууктата тиэллэр. Биир сезоҥҥа бу суолунан 400 чох тиэйиилээх массыына сылдьар, биир суоппар уонча рейскэ тиийэ оҥоруон сөп.

Куйга-Депутатскай суол – эмиэ биир олох тымыра суолбут, 2020 сыллаахтан учаастак үлэлиир. 41 күргэлээх. Олус эргэ сэбиэскэй кэм саҕанааҕы күргэлэр. Сайын аайы балары өрөмүөннүүбүт. Билиҥҥитэ 30 күргэ өрөмүөннэннэ.

Депутатскайга нэдиэлэ аайы сөмөлүөттэргэ аналлаах бэнсиини, сэлээркэни таһаллар. Саас хайа үрдүттэн сүүрэр үрэхтэр суоллары алдьаталлар – быйыл уонча суол сууйуллубут.

— Халыма улуустарыгар балаһыанньа хайдаҕый?

— Хаардара күүскэ түстэ, ол иһин суоллары иккитэ-үстэ төхтүрүйэн тэлэбит. Буурҕа да буоллун, симиэнэҕэ тахсабыт. Дэлби тыаллыран хаары бетон курдук кытаатыннаран кэбиһэр.

Логистикабытын наар тупсаран иһэбит. Аллараа Халыма Андрюшкинотыгар “Арктика” кыһыҥҥы суолу көрөөрү-истээри учаастак арыйбыппыт, Андрюшкино-Арҕахтаах-Карлуково хайысхата ордук уустук суоллаах-иистээх сир. Учаастак арыллан Саха сирэ Чукотканы кытта ситимнэһэр суола эрэллээх, кэмигэр көрүллэр буолла.

— Үлэҕэр саамай ыарахан түгэн ханнык этэй?

— 2017 сыллаахха аһара элбэх хаардаах дьыл буолбута. Күүстээх тыаллар суолу бүтүннүү тибэн кэбиспиттэрэ. Депутатскай хочуолунайдарыгар чохторо бүтэрэ чугаһаабыта, ыаллыы сытар Сайылык сэлиэнньэтигэр эмиэ ыарахан балаһыанньа буолбута. Дьааҥы сүнньүнэн үлэлиир тиэхиньикэбитин барытын онно ыыппыппыт, көмүс хостооччулары көмөлөһүннэрбиппит. Сөпкө дьаһанан, айылҕа оҥорбут уустуктарын этэҥҥэ туораабыппыт. 

— Буурҕа, тарыҥ таҕыстаҕына тугу гынаҕытый?

— Арктикаҕа үлэлиир буоллаххына саамай ыарахан түгэннэргэ бэлэм буолуохтааххын. Суоллары барытын биир ньыманан, былаанынан үлэлэппэккин. Барытыгар миэстэтигэр сөптөөх быһаарыныылары ылыныы наада буолар.

Буурҕа буоллаҕына, тарыҥ таҕыстаҕына суолу сабабыт уонна ЕДДС нөҥүө нэһилиэнньэни сэрэтэбит. Ол эрэн сэрэппит да үрдүнэн ким эмэ айаннаабыт буолар, оччоҕо аны ол дьону быыһыыр эпэрээссийэ саҕаланар. Бу сыллар тухары биһиги үлэһиттэрбит хас киһи олоҕун быыһаабыттара буолла...

Муомаҕа Тыаллаах диэн сиргэ, Уус Ньараҕа барыыга суолга улахан тарыҥнар тахсаллар, суол икки өттүттэн хайа, атын сиринэн эргийэр кыах суох. Оччоҕо суолу сабан ылааччыбыт, тиэхиньикэ дьуһуурустубалыы хаалар.

Арктика айылҕата тыйыс, биир дьыл иккис дьылы хатылаабат, түргэнник уларыйан иһэр. 11 улуус бары атын-атын айылҕалаахтар, сирдэрин састааба, рельефтэрэ ураты.

— Кыһыҥҥы суолларга куттал суох буолуута хайдах хааччылларый? Сибээс да суох сирдэрэ буоллаҕа...

— Арктика кыһыҥҥы суолларын баһыйар өттүгэр суотабай сибээс хаппат. Ол иһин ыксаллаах быһыы-майгы буоллаҕына тута көмө тиийэрэ уустук. Быйыл Дьааҥы суолугар Чолбон диэн сиргэ автономнай сибээс узелын киллэрдибит - 30 км тула хабар, быыһааччылары кытта уонна айанньыттар бэйэ икки ардыларыгар сибээстэрэ баар буолла.

Суол уустук учаастактарыгар 8 иттэр пуун үлэлиир – анаан-минээн оҥоһуллубут 20 туонналаах сылаас контейнердар. Бары оттуллар оһохтоохтор, массыына аккумуляторынан барар уоттаахтар, түөрт утуйар оронноох, остуоллаах, устууллаах аныгылыы үүтээннэр. Ким баҕарар киирэн сылаас киллэринэн, хонон ааһыан сөп. Быйыл эбии үһү оҥоруохтаахпыт.

«Зимник – живая природа» бырайыак чэрчитинэн суол устун бөх мунньар контейнердар саҥардылыннылар, бөх тиэйэр массыыналары атыыластыбыт. Массыына элбэхтик сылдьар уонна хонон турар сирдэригэр ыраастааһын үлэтин өссө күүһүрдэр былааннаахпыт.

1 / 5

— Массыына кыһыҥҥы суоллара хаһан арыллара эрдэттэн биллибэт дии...

— Уулар хаһан тоҥоллоруттан тутулуктанар. Муора кытылыгар баар оройуоннарга климаттара сымнаҕас, хаардара халыҥ. Халыҥ хаар үрэхтэри сүгүн тоҥорбот, муус халыҥаан испэт. Биир маршрукка сытар күөллэр атын-атыннык тоҥоллор: ууларын састаабыттан, төһө дириҥнэриттэн, түгэҕэ хайдах сирдээҕиттэн тутулуктаах буолар. Биир күөл быйыл бытааннык тоҥор буоллаҕына эргийэ барар суолу толкуйдуубут, аны күөл кытыла суол тэлгэнэр гына көбүс-көнө буолбат. Саҥаттан саҥа суолу тэлэр эмиэ сыыһа: урут суол барар сиринэн сылдьа сатыыбыт. Күөл түгэҕэр метан муһуннаҕына мууһа чарааһыыр, биһиги исписэлиистэрбит элбэхтик манныгы көрсөллөр. Ол иһин күөллэр муустарын халыҥа наар кээмэйдэнэр. Күһүн уһаатаҕына үрэхтэр уулара ахсынньыга диэри сүүрүгүрэ сытыан сөп.

— Олохтоох нэһилиэнньэ эһиги үлэҕитигэр хайдах сыһыаннаһарый?

— Олохтоохтор, ордук былыр суоллар хайдахтарын үчүгэйдик өйдүүр дьон, биһиги үлэбитин хайҕыыллар. Урут суоллары биир тырахтарыыс тэҥниир эбит буоллаҕына, билигин улахан тэрилтэ дьарыктанар буоллаҕа дии.

Үксүн кэлии дьон суолларбытын сирэллэр. Кыһыҥҥы суол диэн аспаалламмыт көнөтүк тыргыллар суол буолбатаҕын ситэ өйдөөбөттөр.

Суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин, бэтэрээннэрбитин, кэллиэгэлэрбин идэтийбит бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин! “Арктика суолларын” үлэһиттэрэ -60 кыраадыс тымныыга тахсан түүннэри-күнүстэри үлэлээн нэһилиэнньэҕэ уматык, ас-таҥас, таас чох быыстала суох тиэллиитин хааччыйар, идэлэригэр чахчы бэриниилээх, үтүө санаалаах хоһуун дьон.

Тиэхиньикэ хаһан да аккаастаабатын, Ийэ айылҕа аһынар буоллун, былаан барыта кэмигэр туолан истин! Иннибитигэр өрүү көнө суол тыргылыннын! Чугас дьоҥҥут этэҥҥэ буоллуннар, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьоллоох олоҕу, үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.