03.11.2026 | 15:00 | Просмотров: 71

Авиарейс уларыйдаҕына билиэт харчытын төннөрүү судургутуйуон сөп

Ол туһунан РФ тырааныспарга министиэристибэтигэр дьүүллэһэллэр.
Авиарейс уларыйдаҕына  билиэт харчытын төннөрүү судургутуйуон сөп
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Регулярнай рейс уларыйбытынан сибээстээн, билиэт харчытын төннөрүүнү судургутутар туһугар кэлим электроннай мэхэньиисими үлэлэтээри гыналлар.

Тырааныспар министиэристибэтэ авиа-таһааччылартан уонна салгын аалларын үлэлэтээччилэр Ассоциацияларыттан бу чааһыгар туох көрүүлээхтэрин ыйыталаспыт.  

Ону таһынан биэдэмэстибэ авиахампааньалар быраабылаларыгар олоҕуран, билигин рейс уларыйан, харчытын төттөрү ыларга күһэллэр түгэнигэр пассажир тугу гынарын, туох дьайыылары оҥоруохтааҕын чопчуласпыт.

Тырааныспар министиэристибэтэ быһаарбытынан, саҥа киллэрии олоххо киирэр түгэнигэр пассажир уларыйбыт рейскэ төннөрбүт билиэтин төлөбүрүн туох да сайабылыанньа суруйа сатаабакка... уон күн иһинэн төннөрөр кыахтаныа.

Манна даҕатан эттэххэ, эһиилги сылтан авиа-билиэт атыылаһарга эбии төлөбүр киириэх курдук. Суруйалларынан, дойду иһигэр көтөр билиэккэ ол 500 солк., оттон тас дойдуга көтөр билиэккэ 1 тыһ. солк. буолуох курдук.

Бары-барыта эбиллэн, сыаналанан түһэн! Көппөтөх эриэйискэ төннөрөр билиэт суумата уон хонугунан эргийэрэ диэн, тоҕо уһунай.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.