28.10.2026 | 13:48 | Просмотров: 81

Аудиовизуальнай нэһилиэстибэни хаалларыы, үйэтитии сүҥкэн суолталаах

Бэҕэһээ, алтынньы 27 күнүгэр, аудиовизуальнай нэһилиэстибэ аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэммитэ.
Аудиовизуальнай нэһилиэстибэни хаалларыы, үйэтитии сүҥкэн суолталаах
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Бөлөххө киир

Итинник анал күн олохтонуута – иэгэйэр икки атахтаах олоҕор – дьаһаҕар суолталаах саҥаны (аудио) уонна биидьийэни устан хаалларыы, үйэтитии тыын суолталаах историческай баай, бүтүн үйэ мэктиэһитэ буоларын санатыы, бигэргэтии диэн өйдүөххэ сөп.

Ол да курдук, биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэҥҥэ олорор араас элбэх норуот аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин харыстаан илдьэ сылдьыы – судаарыстыба тутуһар бэлиитикэтиттэн биирдэстэрэ буолар. 

Ону ааһан, Арассыыйа бүттүүнүн үрдүнэн биһиги Сахабыт сирэ “Саха өрөспүүбүлүкэтин аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин туһунан” диэн эрэгийиэн сокуоннаах суос-соҕотох субъект буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох.  Итиннэ эбии “Саха сирин аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин ресурснай төрүтүн тэрийии туһунан” диэн олохоох бырабыыталыстыба уурааҕа тахсан турар. Ити уураахха олоҕуран,  өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын туөунан аудиовизуальнай матырыйааллары хомуйар, учуоттуур уонна түмэн үйэтитэр тиһик оҥоһуллар.

Ити үлэ сүрүн сүрүннээччитэ, тутаах суолталаах тэрилтэнэн “И.С. Жараев аатынан СӨ аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин түмэр Национальнай киин” ГАУ буолар. Бу киин – өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култуурунай баайын-дуолун быһыытынан билиниллэр. Бу тэрилтэ ааспыт үйэ 1996 сылыттан саҕалаан, Саха сирин туһунан киинэ уонна биидьийэ-докумуоннары түмүүнэн, хомуйуунан ыллыктаахтык ылсан, идэтийэн дьарыктанар.

Пуондаҕа сыаната биллибэт киинэ хроникатын каадырдара – өрөспүүбүлүкэ олорон ааспыт историятын дьиҥ кэрэһиттэрэ хараллан сыталлар.  Күн бүгүн судаарыстыбаннай пуондаҕа 50 тыһыынчаттан тахса киинэ-биидьийэ баар эбит.

Бу балары норуот духуобунай сайдыытыгар, култуураҕа сыһыарыыга, үөрэҕи-билиини биэрэргэ күүскэ туһаналлар. Ону таһынан араас эгэлгэ уопсастыбаннай уонна маассабай тэрээһиннэргэ, Саха сирин туһунан кэпсиир киинэлэргэ, иһитиннэриилэргэ тутталлар. 

Ол да буоллар сорох мунньуллубут матырыйаал билигин да архыыптарга уонна биирдиилээн дьон кэтэх кэллиэксийэлэригэр, биэдэмэстибэлэр пуондаларыгар харалла сытар.  Хомойуох иһин, киһи эрэ барыта киинэ, биидьийэ докумуоннар анал усулуобуйаҕа, идэтийиилээх харайыыга, алдьамматтарын-кээһэммэттэрин курдук, харах харатыныы хараллыахтаахтарын ситэ өйдөөбөт.

Манна даҕатан эттэххэ, И.С. Жараев аатынан Аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинэ Дьокуускай куорат Курашов аатынан уулусса 46 нүөмэрдээх дьиэтигэр, бастакы этээскэ баар. Приемнайдарын төлөпүөнэ – +7 (4112) 31‒64‒47.

Онон, холобур, суолталаах историческай түгэннэр, өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕор суолталаах тэрээһиннэр, биллиилээх дьон, дьоруойдар  биидьийэлэрэ, устуулара эһиэхэ баар түгэнигэр идэтийэн хомуйар, түмэр кииҥҥэ туттарар үчүгэй буолуо дии саныыбын. Киин официальнай саайтын сигэтэ:  avcenter-yakutia.ru

 

История кэрэһитэ буолар устуу, саҥа олус суолталааҕын кэмигэр өйдөөн, анаан-минээн пуондаҕа аҕалан биэрээччи эмиэ баар. Ол олус кэрэхсэбиллээх.

Бэлиэ күн чэрчитинэн, С.И. Москвитин салайааччылаах И.С. Жараев аатынан национальнай киин кэккэ тэрээһиннэри ыытта.  Холобур, бэҕэһээ чааһынай дьон, тэрилтэлэр харайа сылдьыбыт киинэ докумуоннарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга судаарыстыбаннай пуондаҕа туттардылар. Бу баай кэлэр кэнчээри ыччат билиитигэр тахсыа, тиийиэ турдаҕа.

Тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин эмиэ түһэрсэр үгэстээхтэр. Ол курдук, бу сырыыга Аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинэ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Намнааҕы отделениетын кытта бииргэ үлэлэһэр туһунан илии баттастылар.  «Василий Кустуктуров киинэлэрин каадырдарыгар бүтүн эпоха көстөр» диэн сырдатар хайысхалаах киинэ-лекторий, киинэ эспиэрэ Альбина Данилова 1960-1970 сс. архыыпка харалла сытар киинэ-докумуоннары сиһилии билиһиннэриитэ буолла.

 Аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинэ буолбуту, ааспыты эрэ үйэтитэр диэн өйдүүр тутах буолуоҕа. Бу киин ону тэҥэ үөрэх, билим уонна айымньылаах үлэ бырайыактарын тирэх оҥорон, кэлэр көлүөнэлэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ буолан ааспыт түгэннэри сонун хараҕынан көрөллөрүгэр көмөлөһүө. Оттон ол, холобур, буолан ааспыт кэм үтүө өрүттэрэ, үгэстэрэ –  кэлиэхтээх олоҕу оҥосторго, саҥа суоллары тэлэргэ төһүү көмө буолара саарбахтаммат. Ардыгар сыыһа-халты да дьаһал тахсыбыт түгэнэ, кэнэҕэһин үтүө үөрэх, билии буолара эмиэ баар.

Козьма Прутков “Зри в корень” диэн афоризмыгар этиллэринии, “силиһэ”, ол аата олорон ааспыт олохпут историята суох бүгүҥҥү күн табыллыбат. Олох туох баар эйгэтэ – социалкаттан, култуураттан саҕалаан бэлиитикэҕэ тиийэ ааспыт историяттан, уопуттан эмиэ быһаччы тутулуктаах.

“Силиһи” көрүү, үөрэтии – бүгүҥҥү үөскээбит балаһыанньа төрдүн-төбөтүн, төрүөтүн буларга эмиэ көмөлөһүөн сөп.

Силиһэ суох үүнээйи бэрт сотору кэхтэр, оттон бэйэтин истоиятын, “силиһин-мутугун” билбэт, аанньа сыаналаабат, туһаммат омук дьылҕата биир оннук түмүккэ кэлиэн сөп. Онон, чахчыта да, аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинэ мунньар матырыйааллара -- олус туһалаах баай . Сүрүнэ, ааспыты, буолбуту, баар уопуту сөпкө туһаныахха, баар буола сылдьыбыт алҕастары ончу хатылаамыахха наада.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.