31.03.2026 | 17:00 | Просмотров: 123

Арыгы атыылыыр өссө биэс туочука сабылынна

2026 сылга үктэнэн баран Дьокуускайга өссө биэс арыгы атыылыыр сир (маҕаһыыннар, бардар, «наливайкалар», сымыйа кафелар уо.д.а.) сабыллыбыттарын туһунан баһылык Евгений Григорьев бэйэтин ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Арыгы атыылыыр өссө биэс туочука сабылынна
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Ол курдук, маннык тэрилтэлэр сабыллыбыттар: «Пивной Zaliv» кафе-бар (Очиченко уул., 1), «На Мильке» маҕаһыын (Мелиоратордар уул., 5к1, Кирзавод түөлбэ), «Контакт бар» кафе-бар (Труд уул., 3), «В пене» бар (Бүүүдүүр суол, 5 км, 34 дьиэ) уонна «Пивкультура» бар (Бүлүүлүүр суол 5 км, 34).

Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин тг-ханаалыгар суруйарынан, сыл саҕаланыаҕыттан арыгынан эргинэр тэрилтэлэри утары 85 дьыала тэриллибит, бу судаарыстыбаннай өҥөнү кэһии 45% ыларын иһитиннэрдэ.

Баһылык хаттаан буруйу оҥорооччуларынан маннык тэрилтэлэри ыйда: «Сунгари» эрэстэрээн (500 тыһыынча солкуобай ыстараап) уонна «Пенная станция» бар (иккитэ 250 тыһыынча солкуобай ыстарааптаммыт).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.