Арктика уонна хотугу улуустар кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри туттар оттугунан хааччыллыбыттар
Ити улуустарга кыһыҥҥы суолунан оттугу тиэрдии тэрээһинин туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Николай Бочков салалтатынан Биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕар кэпсэттилэр.
Чопчута, кыһыҥҥы өттүгэр таһаҕаһы таһар суоллар маршруттарын, онно сылдьыахтаах тиэхиньикэлэри бэлэмнээһин уонна үбүлээһини дьүүллэстилэр.
Суол сулууспалара кыһыҥҥы суоллары, эбэлэри туоруур сирдэри бэлэмниилэр. Тиэрдии кыраапыга хас биирдии улуус хочуолунайдарыгар баар оттук саппааһа төһөтүттэн уонна улуус хайдах усулуобуйалааҕыттан, төһө ыраах-чугас сытарыттан, хаһан суол аһылларыттан тутулуктанан оҥоһуллар.
Николай Бочков: «Оттугу тиэрдиини, миэстэтигэр быстарык тахсыбатын курдук, оройуоннары, хомунаалынай тэрилтэлэри уонна таһаҕаһы тиэрдээччилэр кытта быһаарсан, саппаастарын билсэн, сөпсөһүннэрэн оҥоробут», — диэбит. Барыта этэҥҥэ буоллар, ханнык.