Арктика оройуоннарыгар – мобильнай офтальмологтар
Быһа холоон олунньу 13 күнүттэн биригээдэ Үөһээ Дьааҥы оройуонугар тиийиэхтээх. Быраастар эпэрээссийэлэри оройуоннааҕы балыыһа Киин базатыгар оҥороллор.
Бу иннинэ Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ харах балыыһатын икки офтальмолог-бырааһа уонна сиэстэрэтэ Үөһээ Халыма оройуонун Зырянка бөһүөлэгэр сылдьыбыттара. Билигин катарактаны ылыыга 40-тэн тахса эпэрээссийэ оҥоһуллара былааннанар.
“Биһиги бырааспыт Марфа Степановна Зырянкаҕа тохсунньу саҥатыттан үлэлиир. Офтальмохирург Иннокентий Белолюбскай кэлиэн иннинэ бэрэбиэркэни ыытан, хирургическай эмтээһиҥҥэ ыарыһахтары талбыта. Сөмөлүөт билиэтин сыаната ыараханын учуоттаан туран, өрөспүүбүлүкэбит Арктика улуустарын олохтоохторугар көмөлөһөрбүт биһиэхэ улахан суолталаах.
Мобильнай медицинскэй биригээдэлэр көмөлөрүнэн, ыарыһахтар наадалаах эмтэниини миэстэтигэр ылаллар”, — диэн бэлиэтээтэ Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ офтальмологическай балыыһатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан.
Офтальмологтар айаннарын графига киин балыыһалар көрдөһүүлэригэр олоҕуран оҥоһуллуоҕа. Бастаан оройуоннарга офтальмолог-быраас тиийэн хирургическай эмтээһиҥҥэ уонна үгэс буолбут бэрэбиэркэҕэ ыарыһахтары талар, ол кэнниттэн хирургтар кэлэллэр. Ордук көдьүүс харах быраастара суох оройуоннарга бэриллиэҕэ.
Санатан эттэххэ, Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев көҕүлээһининэн ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга исписэлиистэри ыытар “Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэлэр кииннэрэ” уонна “Мобильнай хирургическай киин” бырайыактар эмиэ үлэлииллэр.