Арбуз хаҕыттан бэртээхэй десерт
Битэмииннээх даҕаны, минньигэһэ да бэртээхэй. Аны, бэлэмнэнэрэ олус судургу.
Хаҕын сууйан, күөх чааһын сулуйан ылан быраҕан баран, саһархайын хааллар. Онтугун биир тэҥ гына кээмэйдээн бысталыыгын. Сороҕор үлүбээй кырбастаан баран, бэл, блендердээн да кэбиһиэххэ сөп. Оччотугар арбуз хаҕын барыанньата, джемэ диэн буолуо.
Ыраастаабыт хаххын кырбастаан баран, онтуҥ кыра аҥаарын саҕа мэлии саахары кутан былыыгын. Ким төһө саахардааҕы сөбүлүүрүнэн көрөн, хас бэлэмнээтэҕин аайы, сыыйа-баайа, быһа холуйан сөп диэбитин кута үөрэнэр. Биир бэйэм харах көрүүтүнэн кутабын. Этэргэ дылы, санаам сытарынан.
Ол кэнниттэн, кырата, 1-3 чаас сытыаран, сүмэһинин таһаараҕын. Иллэҥ көстүбэтигэр киэһэ кырбастаан, саахардаан баран, сарсыныгар туран буһарыахха сөп. Сүмэһинэ бэркэ тахсыбыт буолааччы.
Саахара уулунна, сүмэһинэ таҕыста да, бытаан уокка туруоран, булкуйа-булкуйа, кыракый куһуоччуктара дьэҥкэриэр диэри буһараҕын.
Арбуз суордуттан уонна төһө халыҥ хахтааҕыттан тутулуктанан дьэҥкэрэр кэмэ араастаһар эбит. Онон быһа холуйан 2-хас чаас буһараҕын. Уһуннук саахарданан турбут буоллаҕына, бэрт сотору буһуо.
Амтанын тупсарарга быһах төбөтүгэр лимоннай кислотаны ылан, ол аскар эбии кутаҕын. Ити кээмэйи эмиэ астыы үөрэннэххинэ, төһөнү кутар ордугун билэ үөрэниэҥ.
Олус убаҕас дии санаатаххына, “Агар-агары” эбэ түһүөххэ сөп. Быыкаатык. Ол биллэ хойуннарар. Ол эрээри булгуччу оннугу кутуу ирдэммэт.
Ардыгар атын амтаны эбэ түһээри, 100-чэ грамм бэлэм абрикос, персик суогун эбиэххэ сөп. Оннукка дьэҥкир дьүһүнэ куппут суогуҥ дьүһүнүн ылар. Быһата, араастаан эспэримиэнниэххэ сөп. Ким эрэ илдьиритэн баран, атын сир аһын барыанньатыгар кутан, ураты барыанньаны бэлэмнээн таһаарыан эмиэ сөп.
Биирдэ эмэ боруобалаарыҥ эрэ. Сөбүлүөххүт. Ол кэнниттэн арбуз хаҕын быраҕар санааҕыт олохтоохтук сүтүө. Арай сүрэҕэлдьээтэххитинэ быраҕыаххыт.
Буһар кэмигэр дьиэҕит иһэ сибиэһэй арбуз сытынан туолуо. Бэлиэр тымныйа охсубут буолан, баччаларга астаатаххытына, ааспыт сайыны саныаххыт, астыныаххыт.
Хаартыскаҕа -- орто кээмэйдээх саһархай истээх арбузтан тахсыбыт десерт
Минньигэс десерт бэлэмнээн, бэйэҕитин, дьоҥҥутун күндүлээҥ.




