Биэнсийэҕэ сайабылыанньата суох быһа таһаарарга этиилээхтэр
Ону РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмөҕө министиэристибэтэ бэлэмнээн, билиҥҥитэ федеральнай сокуон аакталарын бырайыага угуллар порталыгар дьүүллэһиигэ таһаарбыт. Хатылыыбыт, бырайыак билиҥҥитэ дьүүллэһиигэ эрэ сылдьар.
Бырайыакка олоҕурар буоллахха, Биэнсийэ пуондата судаарыстыбаннай информационнай тиһиккэ баар чахчыларга олоҕуран, биэнсийэни аныыр туһунан быһаарыыны бэйэтэ ылынар буолуоҕа. Итинник дааннайга страховой ыстаас, биэнсийэ коэффициеннара уонна биэнсийэҕэ эрдэ тахсар быраабы бигэргэтэр сибидиэнньэлэр киирсэллэрин бэлиэтээбиттэр.
Министиэристибэ бу сокуон олоххо киирдэҕинэ, гражданнар араас төрүөтүнэн биэнсийэ ылар бырааптара үөскээтэҕинэ сайабылыанньаласпакка хаалар түгэннэрин аҕыйатыа диэн санааттан толкуйдаммытын быһаарбыт.
Ол аата, биэнсийэҕэ тахсарга сайабылыанньалаһалларын умнар, эрдэлээн тахсар усулуобуйалара туолбутун өйдөөмүнж, билиминэ хаалар дьон элбэх эбит буоллаҕа?