07.05.2026 | 08:30 | Просмотров: 220

Арҕаа фроҥҥа – Алдантан

Мин хос эһэм Илья Никитич Потапов 1915 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр Ботомоойу диэн үрэх баһыгар төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалбыт. 1938 сыллаахха Алдаҥҥа көмүс хостооһунугар барбыт.
Арҕаа фроҥҥа – Алдантан
Ааптар: Нарыйаана Ефимова-Владимирова
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир

1941 сыллаахха бастакы хомуурга ыҥырыллан, Алдантан арҕаа фроҥҥа барбыт. Калининскай уобаласка Москва аттыгар 675-с артиллерийскай полка үһүс батареятыгар сылдьыбыт. Онтон Арҕаа Украинаҕа 120 мм пушка иитээччитинэн сылдьан, 1943 сыллаахха ыстыыгынан киирсиигэ иһигэр улаханнык бааһыран, госпитальга эмтэммитэ. 139-с гвардейскай стрелковай полкаҕа «Катюша» иитээччитинэн сылдьан, Белоруссия хас да оройуоннарын, Баранович куораты босхолоспута. Ити куорат аттыгар 3 фашиһы билиэн ылан, штабка туттарбыта. Ол сылдьан атаҕын дэҥнээбит.

Сэрии бүппүтүн да кэннэ 1945 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри Украина истиэптэригэр миинэни ыраастааһыҥҥа сылдьыбыта.

Илья Никитич Албан аат 3-с истиэпэннээх уордьанынан, элбэх бойобуой мэтээллэринэн, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1-кы истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.

Илья Никитич уонна Анна Саввична Потаповтар Сиэйэ сэлиэнньэтин биир ытык-мааны, төһүү ыала этилэр. Кинилэр алта оҕону төрөтөн, барыларын үөрэхтээн, сүһүөхтэригэр туруорбуттара, билигин өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.

Нарыйаана Ефимова-Владимирова,

Дьокуускай куорат 12-с №-дээх орто оскуолатын  7 «В» кылааһын үөрэнээччитэ

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.