Аныгы кэм худуоһунньуга Туйаара Стручкова-Хоноёхова: «Сорох уобарас түүлбэр киирэр...»
"Киин куорат" бүгүҥҥү ыалдьыта – аныгы кэм туспа буочардаах худуоһунньуга Туйаара Стручкова-Хоноёхова.
Кини күн сирин көрүөн иннинэ ийэтэ сахалыы ытарҕаны түһээбит, дьиктитэ баар, ыраахтан тырымныы тыкпыт үһү. Онуоха дьоно: «Ураты эйгэлээх кыыс кэлэн иһэр», – диэн тойоннообуттар. Итиэннэ сахалыы ааттыырга быһаарыммыттар.
Туйаара ойор күннээх оҕо сааһа Томпо Мэҥэ Алданыгар ааспыт. Ийэтэ Дьааҥы улууһун Боронугуттан төрүттээх. Эбэлээх эһэтэ Тааттаттан тардыылаахтар, икки ытык сиртэн – Уолбаттан уонна Баайаҕаттан.
Соһуйуоххут иһин, кини – үрдүк үөрэхтээх история учуутала. Инники идэтин таларыгар оҕо саастан илдьэ кэлбит интэриэһэ суолдьут сулус буолбут. Кыыс оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан Былыргы Греция, Рим, Кытай, Египет мифологияларын олус сэргиирэ, хасыһан, дьаныһан туран ааҕара, оннук киинэлэри сөбүлээн көрөрө. Бэл диэтэр, Египет иероглифтарын бэйэтэ баҕа өттүнэн үөрэппит, оннооҕор суруйар буолбут. Онон, оскуола кэнниттэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ история салаатыгар туттарсан киирбит.

Дьылҕа бэлэҕэ
Үөрэҕин саҥа бүтэрбит кыыһы Архыыпка үлэҕэ ылбыттар. Кини илиитин нөҥүө суруйааччылар, политическай диэйэтэллэр, бөлүһүөктэр, историктар, онтон да улуу дьон докумуоннара, чинчийиилэрэ, суруйуулара, ыстатыйалара ааһаллара. Эдэр исписэлиис ол докумуоннары үөрэтэн, историяҕа суолталарын, сыаннастарын быһаарар эбээһинэстээҕэ. Ол кэннэ опись оҥорон, үйэтитэргэ туттарара.
Уон сыл архыыпка үлэлээбит сылларын дьылҕа бэлэҕинэн ааттыыр, муҥура суох махтанар. Саха култууратын, историятын, мифологиятын сэргиир баҕата өссө күүһүрбүтэ. Сэдэх матырыйааллартан сомсубут билиитэ-көрүүтэ инникитин айар үлэтигэр эрэллээх хардыылары оҥороругар тирэх буолбута.

Истиилин, буочарын өр көрдөммүт
Дьиҥэр, Туйаара олоҕор уруһуй оҕо эрдэҕиттэн баара. Ол эрээри оскуолаҕа үҥкүүнэн үлүһүйэн дьарыктаммыта.
Баардаах баара өтөр, ханна барыай. Кнопкалаах төлөпүөнтэн смартфоннарга көһүү саҕаламмытыгар, Туйаара бастакы графическай планшетын ылыммыта, онтон ыла илиитин араарбакка уруһуйдуур идэлэммитэ. Ол кэмтэн социальнай ситимнэр күүскэ сайдан барбыттара, араас сыһыарыылар дэлэйбиттэрэ. Ону харса суох баһылаан, хото туһанар буолбута. Өссө үлэлиирин быыһыгар живописец худуоһунньук кууруһун бүтэрбитэ. 2020 сыллаахха кэргэнэ илдьэ сылдьан туттаргар диэн Айпад бэлэхтээн үөрдүбүтэ. Дьэ, ол күнтэн абыраллаах көмөлөһөөччүтүн арахсыспат аргыс оҥостубута.
Үлэлии сылдьан эбиэтин кэмигэр, оҕолонон да олорон, дьиэ-уот түбүгүттэн быыс булла эрэ, цифровой живопись онлайн куурустарыгар, семинардарга үөрэнэр этэ. Аны барыта Москва бириэмэтинэн ыытыллара, ону, бэйэтэ этэринэн, эдэр уонна наһаа баҕалаах буолан, биир да дьарыгы көтүппэтэ.
Истиилин, буочарын өр көрдөммүтэ. Араас челленджтэргэ, күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттара. Уопсастыбаннай олоҕо күөстүү оргуйбута. Ол курдук, Туйаара Саха сирин цифровой худуоһунньуктарын түмпүтэ. Биир сомоҕо күүс буолан, 2022 сыллаахха «Фэнтези Олонхо» бырайыактара күн сирин көрбүтэ. Бастакы мультимедийнай быыстапкалара киэҥ сэҥээриини ылан, Мексиканан, Москванан турбута.
Икки сыллаах үлэ түмүгэ – дьоһун быыстапка
Туйаара 2024 сылтан сахалыы ыйдарынан, бэлиэлэринэн ааптарыскай халандаар толкуйдаан, веб-дизайнер анал үөрэҕин ааһан, сайт оҥорон таһаарбыта. Саха мифологиятыгар аан дойду айыллыытын, иччилэри, Айыылары көрдөрөр дьоһун үлэтэ онтон саҕаламмыта. Бииртэн биир уобарас күн сирин көрөн, ситэн, силигилээн, «Творение-Айыы» быыстапка буола сириэдийбитэ, быйыл тохсунньу ыйга «Арассыыйа – мин историям» пааркаҕа бар дьон биһирэбилин ылбыта. Ол туһунан сиһилии бу курдук кэпсээтэ:
– Уопсайа 75 уруһуй турбута, ити икки сыллаах үлэм түмүгэ этэ. Хас биирдии Айыы туһунан элбэҕи билиэхпин-көрүөхпүн наада – кини майгытын, дьоҕурун. Онно туһааннаах матырыйаалы олоҥхолортон, научнай ыстатыйалартан көрдөөн булабын.
Аны туран, хас биирдии уобарас олоҥхо аайы атын-атыннык ойууланара, ааттара кытта араастаһара кэккэ уустуктары үөскэтэр. Инньэ гынан, хас да сабаҕалааһыҥҥа олоҕуран, орто сүнньүн тутуһан, хомуур уобарастары айан таһаарбытым.
Сороҕор матырыйаал олус аҕыйах буолар. Ол иһин, холобур, ахсыс халлаан Айыыларын – Одун Хааны уонна Чыҥыс Хааны уруһуйдуурбар ыарырҕаппытым. Сүрүннээн «Одун Хаан оҥоһуутунан, Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» диэн этиинэн салайтарбытым.
Быыстапкам кэнниттэн «һуу» диэбэтэҕим (күлэр). Ити саҕаланыыта эрэ эбит. Төһөнөн үөрэтэбин, ааҕабын да, оччонон элбэх уобарас кэлэн иһэр. Аны булбуппун барытын уруһуйдуохпун баҕарабын. Холобур, тоҕус халлааннаахпыт, олор бэйэлэрин истэригэр хастыы эмэ хаттыгастаахтар. Холобур, бастакы халлаан – үс хаттыгастаах, иккис халлаан – түөрт, итинник салҕанан бара турар. Ол аайы аартык, суол, сир-дойду иччилэрэ бааллар. Санаабар, ону барытын үөрэтэ олордохпуна олоҕум бүтүөх да курдук. Ол эрээри, төһө кыалларынан, барыларын уруһуйдаан, биир улахан кинигэ гынан таһаарар баҕалаахпын.
Бу олоххо туох да мээнэҕэ буолбат. Историк идэтин талбытым, архыыпка үлэлээбитим, аны билигин магистратураҕа фольклористика хайысхатыгар үөрэнэ сылдьарым, Дьааҥы олоҥхоһута М.Н. Горохов-Муойа сыдьаана буоларым мээнэҕэ буолбатах дии саныыбын.
Бырайыак, былаан элбэх. Быыстапкабын виртуальнай оҥор диэн көрдөһөллөр, оччоҕуна хоту сытар улуустарга эбэтэр атын да сиргэ олорор дьон көрөр кыахтаныа этэ.

Дьикти турук, түүл-бит
– Сорох уобарас түүлбэр киирэр... Ардыгар утуппат, утуйар уубун көтүтэр. Аччык киһи ас эрэ туһунан саныырын курдук, оннук турукка киирэн хаалабын, тугу барытын умнабын. Чуолаан Айыылары уруһуйдуур кэммэр оннук буолбутум.
Холобур, Улуу Суорун уобараһа түүлүнэн кэлбитэ. Арай көрдөхпүнэ, аарыма мас турар, дьиктитэ диэн, кэннигэр үрүҥ көмүс сымыыттар сыталлар, онно суордар, хотойдор, атын да тыҥырахтаах көтөрдөр сылдьаллар. Аны киһилии саҥараллар: «Манна айылҕалаах, айдарыылаах дьон куттарын иитэбит», – диэн кэпсииллэр...
Биирдэ түүлбэр үс сүүнэ улахан киһи кэлэн, миэхэ күнү туттарбыта, ону хабан ылбытым. Ити түгэни «Күнү тутабын» үлэбэр үйэтиппитим.

Улаатыахпын наада...
– Уруһуйдуур уобарастарбын уһуннук, эрэйдэнэ-эрэйдэнэ көрдөөбөппүн, барыта бэйэтэ кэлэр. Оҕуруо ыһыллыбытын курдук, бииртэн биир ситимнэһэн. Сороҕор ааҕа сылдьар олоҥхобун арыйа баттаатахпына, тута тахсар түгэнэ кытта баар. Дьикти. Бастаан соһуйар этим, билигин испэр сэмээр үөрэбин.
Биллэн турар, сороҕор ыксаан ылабын. Ол эрээри кэлин оннук түгэҥҥэ иитэллэр, бэлэмнииллэр эбит дии саныыбын. Кэмэ кэллэҕинэ, холкутук тахсар. Ыгылыйбаппын, соспоппун, биир да күнүнэн табыллыан сөп, ол иһин эккирэтэ, тиэтэтэ сатаабаппын.
Билигин сүрүн болҕомтобун Айыылар, иччилэр уобарастарыгар уура сылдьабын. Абааһылары кэлин уруһуйдуом, онуоха диэри улаатыахпын, ситиэхпин, бэлэм буолуохпун наада. Онно чугаһаатым дии саныыбын...
Маастар-кылаастары ыытабын, оҕолору дьарыктыахтаахпын. Ийэ тылы сайыннарыыга, ойуулук бырайыагар үлэлэс диэн этиилэр киирэ сылдьыбыттара. Ол эрээри мин үлэлэрбин хамсатар уустук соҕус, тиэхиньикэм ыарахан. Оҥоһуу өйүнэн бэйэм тилиннэрэн көрбүтүм, сирэйдэрин-харахтарын уларытан кэбиһэрин сөбүлээбэтэҕим. Быыстапкабар анимацияны киллэрэрбэр барытын биирдии-биирдии илиибинэн оҥорбутум. Онон кэмэ кэлэ илик дии саныыбын. Баҕар, кэлин сатаныаҕа. Көстөн иһиэҕэ.
Ийэ уонна оҕо интэриэстэрэ биир буоллаҕына
Туйаара улахан уола саҥата симигин бэлиэтии көрөн, оҕотун саҥардар, дьоҕурун арыйар сонун суолу тобулбут. Ол кэмҥэ оруобуна «Гарри Поттер. Фантастические существа» кинигэ тахсар. Ийэ оҕотун кытта оннук курдук эрээри, сахалыы мифологияҕа тирэҕирбит бырайыагы толкуйдуур. Ол курдук, хас да сыл иччилэр, абааһылар тустарынан үөрэтэн, чинчийэн, ойуулаан, бэртээхэй кинигэни бэлэмнээн таһаарбыттар.
Салгыы саха остуоруйалара хантан төрүттээхтэрин үөрэтэн, каарта оҥорбуттар. Алта сааһыттан ийэтиттэн «сыстан», саха мифологиятынан үлүһүйбүт Дамир – хайыы үйэ тохсус кылаас үөрэнээччитэ. Уол Арассыыйа таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Билигин олоҥхолорунан сахалыы монополияны оҥоро сылдьар.
Кыра уол Костя – үһүс кылаас үөрэнээччитэ, спортсмен бэрдэ. Туйаара тапталлаах кэргэнин кытта оҕолорун интэриэстэрин өйүүллэр, дьарыктаах буолалларыгар кыһаллаллар.

Киһи барыта кэрэ!
– «Дьиҥ кэрэ» хартыынам мифологияҕа сыһыана суох. Киһи ис-иһиттэн кэрэтин көрдөрөөрү уруһуйдаабытым. Төһөнөн эн толоругун, оччонон тас эйгэҥ үүнэр-сайдар, чэчириир диэн суолталаах. Дьиҥ кэрэ ис-искиттэн улаатан тахсар уонна хара дьайтан харыстыыр аналлаах. Сардаана сибэкки – дьол, сылгы ньургуһуна – ыраас санаа символлара.
Киһи барыта кэрэ, кини Орто дойдуга үтүөнэн, сырдыгынан туолан кэлэр, дьоллоох буолаары, олох амтанын билээри. Ыксаабакка, холкутук сылдьыахха, киэҥ көҕүстээх буолуохха. Оҥорбут үтүөбүт кустукка кубулуйдун!



