Аныгы кэм бибилэтиэкэтэ сайдыыны кытта тэҥҥэ хардыылыыр
Быйыл даҕаны Саха сирин бибилэтиэкэлэрин тиһигин Владимир Путин көҕүлээбит “Дьиэ кэргэн” нацбырайыагын иһинэн, тупсарар үлэ салгыы ыытыллыа. Ол туһунан СӨ култуураҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Үгэс буолбут судургу бибилэтиэкэлэри дьиэ кэргэн дьонугар табыгастаах, тэҥ туһалаах буоларын курдук элбэх хайысхалаах култуура, үөрэх уонна сырдатыы кииннэригэр кубулуйаллар. Быйылгы сыл тутаах сабыытыйата Саха сирин Национальнай бибилэтиэкэлэрин саҥардыллыбыт туоналарын арыйыы буолбута.
1973 сыллаах эргэ тутууга 2025 сыллаахха саҕаламмыт хапытаалынай өрөмүөн салгыы үһүс уонна төрдүс этээстэргэ ыытыллыбыта. Манна саҥа, сонун зоналар баар буолбуттара: тылга, этнограцияҕа уонна Э.К. Пекарскай нэһилиэстибэтигэр анаммыт туоналар, “Мыслитель” ааҕар саала, бырайыактаах үлэлэргэ анаммыт коворкинг уонна дьыалабыай литэрэтиирэ саалата.
Саха сирин Национальнай библиотекатын дириэктэрэ Саргылана Максимова саҥардыллыбыт туона кэнсиэпсийэтэ “Көҥүл бибилэтиэкэ” диэн ааттаммытын бэлиэтиир:
– Хас биирдии манна кэлбит киһи кинигэлэри манна эрэ аахпат, дьиэтигэр уларсар кыахтаах эбэтэр бибилэтиэкэҕэ кинигэтин таһааттарыан сөп. Судаарыстыба өйөбүл үбү көрөн, хас эмэ көлүөнэ библиотекарьдар ыра санаалара -- саҥа көлүөнэ ааҕааччы саҥалыы олорор, сайдар туоната баар буолла. Тутуу эркиннэрэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит историятын бүүс-бүтүннүү өйдүүллэр, кэнэҕэһин өссө тупсуо.
Кэрэхсэбиллээҕэ, маннык тупсарыы (модернизация) киин куораты эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ чиэски сытар оройуоннарын эмиэ хабар. Быйыл федеральнай өйөбүл көрүллэн, “Аныгы кэм бибилэтиэкэтэ” статуһу Бүлүү, Чурапчы, Алдан оройуонун Якокут бибилэтиэкэлэрэ эмиэ ыллылар. Бибилэтиэкэлэрин туоната, кинигэлэрин пуондата уонна материальнай-техническэй базалара бөҕөргөөтө. Итиннэ эбии өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагыраамаларын суотугар Саха сирин биэс бибилэтиэкэтэ эмиэ тупсарыыны барда.
Ураты болҕомто оҕолорго ааҕар, билиилэрин хаҥатар усулуобуйаларын тупсарыыга ууруллар. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы “Тёплый дом” бибилэтиэкэ оҕо култуурунай-сырдатар киинэ буола кэҥээтэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттан кыайыылаах тахсыбыт Горнай улууһун модельнай бибилэтиэкэтэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир мультимедийнай оборудованиеланна. Онон үөрэх уонна айар үлэ бырагыраамалара кэҥиир кыахтаннылар.
Саҥа, сонун сиэрбистэр баар буоллулар. Олор истэригэр “БилИИ.Школа” бырайыак баар: ол эбэтэр Оҥоһуу Өй төрүтүгэр үлэлиир нейробиблиотекаҕа кэлбит дьон тэрилтэ пуондаларыгттан иһитиннэриини бэрт кылгас кэм иһигэр көрдөөн булар, ону туһанар кыахтара биллэ улаатта.
Дойду технологическай сайдыытын лиидэринэн билиниллибит Саха сиринээҕи Национальнай бибилэтиэкэ бибилэтиэкэлэргэ аналлаах Оҥоһуу өй-быһаарыыларын киэҥ хабааннаах бырайыагын үлэлэттэ. Пилотнай бырайыакка дойду араас эрэгийиэннэриттэн хайыы үйэ 25 бибилэтиэкэ холбонно.
“Бары да олус сөбүлүүр "Пушкинкабыт" хас күн аайы тупсан, туһанарга, сылдьарга табыгастаах, сайдыылаах буолан иһэр. Саҥардыллыбыт туоналара элбэх хайысхалаахтар, цифровой сиэрбистэр биһиэхэ, педагогтарга, үөрэх хаамыытыгар олус туһалаахтар”, – диир Дьокуускай куорат глобальнай үөрэхтээһиҥҥэ киинин историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Елена Николаева.
Дьокуускайдааҕы Ем. Ярославскай аатынан түмэл үлэһитэ Сергей Слепцов: “Национальнай бибилэтиэкэ цифровой сиэрбистэнэн, туһанар кыаҕы судургутутан, толорон-ситэрэн биэрдэ. Үлэ сүнньүнэн суһал кэм иһинэн чопчу, кырдьыктаах иһитиннэрии наада буолар түгэнэ элбэх буолар. Онно электроннай бибилэтиэкэ баара абырыыр. Наадалаах иһитиннэриини онно кэбэҕэстик булабыт” – диэн, эбэн биэрэр.
СӨ култуура миниистирэ Афанасий Ноев ыытыллар үлэ бибилэтиэкэ оҥорор өҥөтө тупсарыгар, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо аныгы кыаҕы уонна технологиялары туһанар кыахтаналларыгар көмөлөһөрүн, нэһилиэнньэ билиитин-көрүүтүн таһыма үрдүүрүгэр бигэ тирэх буоларын бэлиэтиир.




