Андрей Григорьев-Тута дьиҥнээх эр дьон хайдах иитиллэн тахсарын кэпсээбит
СВОИ Андрей Григорьевтан хаһан аан бастаан илиитигэр быһах туппутун, санныгар саа сүкпүтүн интэриэһиргээбит.
– Бастакы быһахпын 4 саастаахпар аҕам бэлэхтээбитэ. «Улааттыҥ, эр киһи буоллуҥ, онон саха быһаҕын илдьэ сылдьар кыахтанныҥ», – диэн туттарбыта. Улахан убайбар саха быһаҕын 6 сааһыгар бэлэхтээбит этэ. Оттон бастакы саабын эмиэ аҕам 7 сааспын туолбуппар бэлэхтээбитэ. 20 калибрдаах булт саата этэ. Ол саабынан 1 кылааска сылдьан убайдарбын уонна аҕабын кытта аан бастаан булка барсыбытым. Оннук аан бастаан саанан ытарга, саанан туһанарга үөрэммитим. Инньэ гынан иккис кылаастан номнуо соҕотоҕун саалыы барар буолбутум, – диэн Арассыыйа Дьоруойа Андрей Григорьев-Тута кэпсээнэ элбэх киһини сөхтөрөр буолуохтаах.
Андрей анал байыаннай дьайыыга сылдьан аан дойду дьонун ытыктабылын ылбыт дьоруойдуу быһыыта дьиҥнээх эр дьон тыа сириттэн иитиллэн тахсалларын чаҕылхайдык туоһулуур. Ол курдук, 9 оҕолоох ыалга ахсыс оҕонон төрөөбүтэ, алтыс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына аҕата барахсан олохтон туораан, тоҕус оҕону иитии-такайыы түбүгэ саха дьахтарын барахсан дьарамай санныгар хаалбыта киһини эрэ харааһыннарар эрээри, киэн туттар санааны саҕар.
Андрей төрөппүттэрин утумнаан бэйэтэ эмиэ элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга.
– 3 кыыс уонна 2 уол оҕолоохпун. Кыра уолум анал байыаннай дьайыыга бараары турдахпына: «Аҕаа, хайаан да тыыннаах эргиллээр», – диэн хараҕыттан уу баспыта мин тыыннаах эргиллэрбэр дьоһун тирэх буолбута. Улахан махталым – кэргэммэр. Кини күүстээх санаата күүспэр күүс биэрбитэ, санаабар санаа эппитэ чуолкай. Анал байыаннай дьайыыга сылдьарым тухары хас биирдии үүнэр күнү алаадьылаан көрсөрө даҕаны элбэҕи этэр, – диэн Тута иһирэх санаатын үллэстибит.