Андрей Дедюкин: «Кыра тыаһы истэртэн тэйэн хааллыбыт...»
Бу киэһэ кини толоруутугар Иоганн Себастьян Бах, Доменико Скарлатти, Астор Пьяццолла уонна Николай Пейко айымньыларын иһиттибит.
Андрей Семенович этэринэн, сыыппара технологията сайдыбыт үйэтигэр олорор дьон сарбыйыллыбыт муусуканы истэбит. Тоҕо диэтэххэ, интэриниэккэ элбэх информацияны батараары, ордугун быһан ылаллар уонна ыган биэрэллэр. Ол эбэтэр биһиги мэлдьи сарбыйыллыбыт муусуканы истэр буоллубут.
– Былыр хайа хаспаҕар олорбут дьон биһигиннээҕэр ордук элбэх тыаһы истэллэрэ, ол иһин истэр дьоҕурдара быдан күүскэ сайдара. Оттон биһиги кыра тыаһы истэртэн тэйэн хааллыбыт, информацияны харахпытынан көрөрбүт баһыйда, – диэн санаалаах.
Кини этэринэн, кыра тыаһы истэр дьоҕурбутун сайыннарыах тустаахпыт. Холобур, хаар хаачыргыыр, оптуобус бирилиир тыастарын. Оччоҕуна мэйиибит олох атыннык үлэлиир буолар.
Муусука оҕону бары өттүнэн сайыннарар. Мин санаабар, маннык толкуйдаах, өйдөөх-санаалаах киһи олох ыарахаттарын чэпчэкитик ааһар. Ол иһин оҕолоргутун дьарыктааҥ, бу эйгэҕэ кыра саастарыттан сыһыарыҥ, – диэтэ Андрей Дедюкин.