Анараа дойдуттан сэрэтии
Оҕо сааһым дьүөгэтэ Ленканы кытта биир кылааска үөрэммиппит. Оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри биир иллээх дьиэ кэргэн оҕолорун курдук улааппыппыт.
Ленка бастакынан ыал буолбута, мин хойукка диэри сулумах сылдьыбытым. Уонча сыллааҕыта дьүөгэм кэргэнин кытта атын куоракка көһөн барбыттара, устунан онно оҕолонон, ипотеканан дьиэ ылан, олохсуйан хаалбыттара.
Бастаан утаа сибээспитин быспатахпыт, куйаар ситимин нөҥүө билсэ-көрсө олорбуппут. Хаста даҕаны ыалдьыттата ыҥыра сатаабыттара, кыайан барбатаҕым. Кини дьоно суох буолбуттара ыраатта, быраата кэргэнин дойдутугар олорор, ол иһин дойдутугар кэлбэт да этэ. Онтон кэлин улам тэйсэн, бырааһынньыктарга эрэ эҕэрдэлэһэр буолбуппут. Бириэмэ араастаһыыта син биир охсор эбит.
Үс сыллааҕыта ийэм улаханнык ыалдьыбытыгар, дойдубар көһөн тахсарга күһэллибитим, социальнай ситимҥэ киирбэт буолан хаалбытым. Бу диэн эттэххэ, сибээс быстар мөлтөх, киһи тэйэр да эбит. Сыл-хонук ааһан испитэ. Ийэбин күн сириттэн күрэниэр диэри көрөн-харайан, тиһэх суолугар атааран баран, куоракка төттөрү көһөн кэлбитим.
Биирдэ дьикти түүлү түһээтим. Арай дойдубар сылдьабын, суол устун хааман иһэбин. Ханна эрэ бар да бар буолабын. Дэриэбинэттэн тахсан, хатыҥ чараҥҥа тиийэбин. Бэйэбин оҕо курдук сананан, балеткабын устан, күөх от устун атах сыгынньах сүүрэбин. Толору дьоллоохпун, көтүөх да курдукпун.
Төһө өр оннук хаампытым буолла, арай сирэ-уота уларыйан, ото-маһа аҕыйаан хаалла. Онтон биирдэ өйдөөбүтүм – дэриэбинэ кылабыыһатыгар тиийэн турар эбиппин! Тулам барыта киһи уҥуоҕа. Иннибэр сабыс-саҥа күрүө, аана аһаҕас... Киириэхпин баҕарбакка, биир сиргэ тэпсэҥнии турдум.
Арай хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, мин диэки биир дьахтар супту хааман иһэр. Эмискэ этим тымныйда, кэнним диэки чугуруҥнаатым. Куота сатыыбын да, атаҕым ыбыс-ыарахан. Ол иннинэ оҕо курдук сүүрэ сылдьыбытым ханна да суох. Онтон били дьахтарбын көрбүтүм, олох даҕаны көтөн иһэр! Мин баарбынан-суохпунан куота сатыыбын.
– Тохтоо! Күүт! – диир билэр куолаһым...
Кэннибэр ийэбинэн хаан-уруу аймаҕым, эдьиийим Алааппыйа турар эбит. Тоҕо миигин сырыста? Аны миигин ыла кэлбит дуо? Куттанан, илиим-атаҕым сап-салыбырас буолла.
– Хотуой, тохтоо диибин! – диэн устунан кыыһырда.
Хайыахпыный, кэннибин хайыстым – Алааппыйа били күрүө иннигэр турар. Онтон: «Алёна...» – диэн сибигинэйдэ уонна сүтэн хаалла.
Мин уһукта биэрбитим, сүрэҕим сэлибирэс буолбут. Ол айылааҕы истибит киһи хос утуйбатым. Туруохпар диэри бокуонньук эдьиийим кими эппит буоллаҕай диэн улахан толкуйга түстүм. Онтон сирэйбин тыбыс-тымныы уунан ыспыттарын курдук турукка киирдим... Мин билэр Алёнам дьүөгэм Ленка эрэ баар эбит! Кинини кыра эрдэҕиттэн бары Ленка диирбит.
Дьүөгэбин санаан, тута социальнай ситимҥэ кини страницатын көрдөөтүм. Арыйа баттаабытым – чүмэчи бөҕөтө... Хараҕым тута «Быдан дьылларга быраһаай!» диэн ыарахан тылларга хатанна... Кэргэнэ страницатыгар суруйбут. Хаартыскаҕа икки оҕолоох дьоллоох ийэ мичээрдии олорор...
Ленкам барахсан аҕыйах хонуктааҕыта бу олохтон соһуччу күрэммит эбит. Тиһэх суолугар атаарыыга кыайан тиийбэтэҕим, тоҕус хонугар барбытым.
Ити курдук, бокуонньук эдьиийим чугас дьүөгэм суох буоларын түүлбэр киирэн сэрэппиттээх.