Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, дьиэ кэргэннэрин, чугас аймахтарын болҕомтотугар
Бу туһунан баар сокуоннарга олоҕуран, “СВО и жены” телеграмханаал иһитиннэрбит. Ол аата тугуй?
Ханнык баҕарар нотариальнай дьайыы суумата икки чаастан турар эбит: федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи тарыыптан.
СВО кыттыылаахтара дэбиэринэс оҥоттороллоругар эрэгийиэннээҕи тарыыптан олоччу босхолоноллор уонна федеральнай тарыып кыра кээмэйин эрэ уйуналлар. Бу чэпчэтии, хаттаан, атын киһиэхэ дэбиэринэс оҥорууттан (передоверие) ураты түгэҥҥэ, дэбиэринэһи бигэргэтэргэ көрүллэр.
Ону тэҥэ:
- Юридическай өттүнэн суолталаах бэйэ санаатын биллэрэри бигэргэтэр түгэҥҥэ. Ити иһигэр, холобур, сокуоннай саастарын туола илик оҕолорун сокуоннай бэрэстэбиитэлэ дойду тас өттүгэр илдьэ тахсарын көҥүллүүр туһунан дэбиэринэһи толорорго, сокуоннай сааһын туола илик оҕо кыраныысса таһыгар сылдьар пааспарын оҥорторго сөбүлэҥи биэрэргэ, суоппар удастабырыанньатын оҥотторорго суруллар дэбиэринэһи толоруу киирэр.
- Электроннай докумуон кумааҕы докумуоҥҥа эбэтэр төттөрүтүн кумааҕы докумуон электроннай көрүҥэр сөп түбэһэрин, тэҥ суолталааҕын кэрэһилииргэ.
- Электроннай уонна кумааҕы докумуоннары физическэй уонна брилдическай сирэйдэргэ биэрэри кэрэһилииргэ. (Манна арай тус бэйэ илиитигэр туттарыллыахтааҕын туһунан араспыыска киирбэт эбит).
- СВО кыттыылааҕа нэһилиэстибэ пуондатын тэрийэр усулуобуйалаах кэриэс тылыгар дэбиэринэс суруйтарарыгар. (Манна кэргэнниилэр кыттыһан суруйар кэриэс тылларын дэбиэринэһин толоруу киирбэт).
- Докумуоннарга баар илии баттааһын дьиҥнээҕин кэрэһилиир дэбиэринэскэ.
- Киһи (личность) ким буоларын кэрэһэлиир докмуоннар куопуйаларын бигэргэттэрэргэ, ону таһынан СВО кыттыылааҕын гражданскай судаарыстыбаннай турук аактатыгар регистрациялатар докумуоннарын бигэргэттэрии эмиэ итиннэ киирсэр (хас биирдии маннык докумуон биирдии куопуйатын толорууга).
СВО-ҕа араанньы буолбуттар федеральнай төлөбүртэн эмиэ босхолоннор
Чопчулаан эттэххэ, анал байыаннай дьайыыга сылдьан, байыас бааһырбыт, эчэйбит түгэнигэр, кини чэпчэтиинэн туһанарыгар кэккэ докумуоннар ирдэниллэллэр. Оннук докумуон куопуйатын бигэргэттэрэргэ бааһырбыт байыастар нотариальнай өҥө эрэгийиэннээҕи эрэ буолбакка, федеральнай тарыыбыттан эмиэ босхолоноллор.
Оннук чэпчэтиилэр тустарынан нуорма-быраап аакталарын туһунан Юстиция министиэристибэтин 2025 сыл тохсунньу ый 30 күнүгэр таһаарбыт 15 № -дээх бирикээһин санаппыттар.
Өссө эбии уларыйыы
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын нэһилиэнньиктэрэ нэһилиэстибэни ыларга сокуонунан ананар болдьоҕу аһаран кэбиспит түгэннэригэр, нэһилиэстибэлэрин суутунан быһааттара сатаабакка, ылар кыахтаммыттар.
Бу маннык быһаарыы СВО-ҕа суох буолбут байыастар нэһилиэнньиктэрэ, байыас өлбүтүн туһунан докумуон хойутаан кэлэриттэн сылтаан, болдьох иһигэр хапсыбат кыһалҕаларын суох оҥорор.
Аны, байыас өлбүт күнэ-дьыла биллибэт эбэтэр өлбүтүн туһунан ыспыраапкаҕа суруллубут даататтан араастаһара эрэй буолара.
Оттон билигин байыас өлбүт күнүттэн саҕалаан, 6 ый ааҕыллара тохтоон, кини суох буолбутун туһунан суруйуу ЗАГС реестиригэр киирбит күнүттэн алта ый билиниллэр буолбут.
(2025 сыл бэс ыйын 24 күнүнээҕи 164 нүөмэрдээх ФЗ сигэммиттэр).
Үсүһүнэн. Нотариустар СВО кыттыылаахтарын огдооболоругар нэһилиэстибэ бэриллэрин туһунан сибидиэтэлистибэ хаһан кэлэрин күүтэ сатаабакка, эрдэрин массыынатын быстах кэмҥэ туттар быраап сибидиэтэлистибэтин биэриэхтэрин сөп диэн буолбут.
Оччотугар анал байыаннай дьайыыга сырдык тыына быстыбыт байыас дьиэ кэргэнэ нэһилиэстибэ сокуоннай буоларыгар ирдэнэр алта ый иһигэр да массыынаны туһанар кыахтанар. (2025 сыл от ыйын 31 күнүгэр тахсыбыт 318 нүөмэрдээх Федеральнай сокуоҥҥа ити тирэҕирэр).