30.10.2026 | 11:30 | Просмотров: 84

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сир учаастактарын түҥэтии салҕанар

Алтынньы 29 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр босхо сир учаастактарын түҥэтии буолла.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сир учаастактарын түҥэтии салҕанар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта МАХ ханаалыттан
Бөлөххө киир

Бу сырыыга  2024 сыл сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 13 күнүгэр диэри учуокка турбут дьоҥҥо ыытылынна, 41 киһи кытынна. Тэрээһин түмүгүнэн бары учаастак ыллылар:

  • 37 учаастак – Тулагы Киллэм сэл.;
  • 4 учаастак – Табаҕа сэл.

Бэлиэтээн эттэххэ, бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар барыта 1303 сир учаастага үллэрилиннэ:

  • Табаҕа сэл. – 415;
  • Тулагы Киллэм сэл. – 888

Хас сэрэдэ аайы 14:00 чаастан 17:00 чааска диэри социальнай боппуруостарынан дьарыктанар салааттан ыйыталаһыаххытын, сүбэ-ама ылыаххытын сөп.  Аадырыстара: Дьокуускай к., Октябрьскай уул., 20/1, 311 кэбиниэт. 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.