21.10.2026 | 11:59 | Просмотров: 76

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ананар

РФ Социальнай пуондатын реабилитациялыыр кииннэригэр киирэн, доруобуйаҕытын чөлүгэр түһэриэххитин, эмтэниини ааһыаххытын сөп.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар    ананар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол туһунан Жены и СВО телеграм-ханаал иһитиннэрэр.

Реабилитация киинигэр хайдах киириэххэ сөбүй?
Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Биэнсийэ уонна социальнай страховка пуондатын реабилитациялыыр киинигэр киирэн, санаторнай-курортнай эмтэниигэ, мэдисиинэ реабилитациятыгар наадыйарын туһунан сайабылыанньа суруйуохтаах.

Сиһилии иһитиннэриини хантан булуохха?
Олорор эрэгийиэҥҥитигэр баар Социальнай пуондаттан.
 

Сайабылыанньаны ханна туталларый?
Сайыбылыанньатын Социальнай пуондаҕа бэйэтигэр, МФЦ-га биитэр Судаарыстыбаннай өҥө порталын(Госуслуги) туһанан. Оччотугар хардата -быһаарыыта сайабылыанньаҕа ыйбыт электроннай почтаҕытыгар эбэтэр Госуслуги баар  Тус кэбиниэккититтэн кэлиэхтээх.
 

Ханнык докумуоннар ирдэнэллэрэ
Үөһэ суруллубутун курдук, сайабылыанньа уонна 070 №-дээх форманан ыспыраапка. Оттон итинник ыспыраапканы олорор сиргитинэн сыһыарыллыбыт, бэйэҕит көрдөрөр поликлиникаҕытыттан  ылаҕыт.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.