27.10.2026 | 15:48 | Просмотров: 80

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр көмөнү кэҥэтэргэ соруйбут

Бу өйөбүл чуолаан СВО кыттыылааҕын ойоҕо хат кэмигэр сыһыаннаах
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр көмөнү кэҥэтэргэ соруйбут
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа эрэгийиэннэригэр олорор анал байыаннай дьайыы (СВО) кыттыылаахтарын оҕолоноору сылдьар ойохторугар уонна төрөөбүттэрин кэннинээҕи кэмҥэ  эбии өйөбүл миэрэлэрин киллэрэргэ сүбэлээбит. Аҕа баһылыга сулууспалыы сылдьар эбэтэр байыаннай сулууспаҕа сылдьан суох буолбут байыас хат кэргэнигэр уйулҕа өттүнэн эрэ буолбакка социальнай өттүнэн көмө хайаан да наадатын ыйбыт.

Бу сүбэни эрэгийиэннэр хайдах олоххо киллэрэргэ суоттаммыттарын бу дьыл ахсынньы 15 күнүгэр диэри дакылааттыылларыгар этиллибит. Онон, өссө биир көмө көрүҥэ эбиллэр буолуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп