Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа тимир көлөлөнөрүгэр өйөбүл баар
Балаҕан ыйын бүтүүтэ Минпромтора быйыл ити сыалга – чэпчэтиилээх сайыамҥа уонна авто-лиизиҥҥэ -- анаан тыырыллыбыт бүддьүөт үбэ олоччу туттуллубутун туһунан иһитиннэрэн турар. Оттон соторутааҕыта кэлэр сыллаах бүддьүөт суотугар итини салгыыр наадатан туһунан быһаарсыбыттар.
Чопчулаан эттэххэ, ити бырагыраама анал байыаннай дьайыыга мобилизациянан, бэйэ баҕатынан уонна контракт түһэрсэн СВО-ҕа сылдьар, сылдьыбыт байыастарга эрэ буолбакка, кинилэр дьиэ кэргэннэрин дьонугар эмиэ ананар.
Бу бырагыраамаҕа хабыстахха, массыына сыанатыттан көҕүрүүр тирэх кээмэй массыына сыанатын 20 бырыһыаныгар тэҥнэһэр. Электромобилы ылааччыларга сыана 35 бырыһыаныгар тэҥнэһиэн сөп. ОЛ ЭРЭЭРИ 925 тыһ. солк. үрдээбэт эбит.
Эһиилгиттэн уһун болдьоххо бэриллэр автокирэдьиити биэриигэ хааччах киирэрин сырдатан турабыт. Онон бу сонуну үгүстэр сэргиэххитин, туөанан хаалыаххытын сөп.
Ханнык массыыналары чэпчэтиилээх сыанаҕа ылыахха сөбүй?
✔ Lada — Lada Largus-тан ураты моделларын
✔UAZ — B категориялаах бары моделларын
✔GAZ — B категориялаах бары моделларын
✔ Haval
✔Москвич — кроссовер «Москвич 3»
Электромобиллартан:
✔ Evolute i-PRO
✔Evolute i-JOY
✔Москвич Зе
Чэпчэтиилээх авто-кирэдьиити СВО кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ хайдах оҥотторуохтарын сөбүй?
Ол туһунан “СВО и жены” телеграм-ханаал саас-сааһынан маннык быһаарбыт:
Биир бастакынан быйыл уонна былырыын атын авто-кирэдьиити ылбатаххытын бэрэбиэркэлэниҥ. Суох буолуохтаах.
Маннык докумуоннары туттараргыт ирдэнэр:
✔пааспар
✔Суоппардыыр быраабы кэрэһилиир удастабырыанньа.
✔Судаарыстыба туһааннаах бырагырааматагыгар киирсэргитигэр сайабылыанньа суруйаҕыт. Сайабылыанньа бланкатын баан эбэтэр дилер биэриэн сөп.
✔Чэпчэтиинэн туһанар бырааптаах категорияҕа хапсаргытын кэрэһилиир докумуон.
Авто-кирэдьиит көрдүүр бааҥҥыт итини таһынан бу маны ирдиир кыахтаах:
✔Дохуот туһунан ыспыраапканы.
✔Кэнники үлэҥ тэрилтэтиттэн ыстааһы бигэргэтэр ыспыраапка.
✔Эриҥ биитэр ойоҕуҥ авто-кирэдьиити ыларгар сөбүлэҥэ.
*Дьэ, ол кэнниттэн Минпромторг анал кэрискэтиттэн (перечень) ыларга суоттанар массыынаҕыт мааркатын талаҕыт. Ол ханныктарын үөһэ суруйдубут.
Ылар массыынаҕыт саҥа, Арассыыйа иһигэр таҥыллыбыт уонна 2 мөл. солк. сыаната үрдүгэ суох буолуохтаах. Оттон электромобилы талааччылар, ол көлөҕүт муҥутуур үрдүк сыаната 3,2 мөл. солк. тэҥнэһиэхтээх. Модель кэрискэтэ сотору-сотору уларыйарын туһунан этиллэр Онон солуоҥҥа тиийиэх иннинэ баҕарар массыынаҕыт ол кэрискэҕэ баарын чопчу бэрэбиэркэлиэххитин наада. Ол испииһэк Минпромторг официальнай саайтыгар баар. Ону тэҥэ дилердэр эмиэ билэллэр.
Авто-кирэдьиит ылар бааҥҥытын талан, сайаапкаҕытын биэрэҕит.
Онуоха ити бырагыраамаҕа кыттар бааннар усулуобуйаларын – сыллааҕы сытаапканы, бастакы төлөбүр кээмэйин, КАСКО чааһыгар ирдэбилин – билсэргит, тэҥнээн көрөн баран, биир табыгастаах диэбиккитин таларгыт ордук.
Бааҥҥа сайаапканы хайдах, ханна биэриэххэ?
✔Дилер нөҥүө. Бу түгэҥҥэ солуон бэйэтэ хас да бааҥҥа сайаапка ыытар. Табыгастааъ гынан баран, дааннайдарыҥ ханна баралларын сатаан хонтуруоллаабаккыт.
✔Бааҥҥа бэйэтигэр.
Сайаапка ыытан баран, баар быһаарыытын күүтэҕит. Баан кирэдьииккэ историяҕытын, дохуоккутун, иэһи төлөһөр кыаххыт хайдаҕын сыныйан бэрэбиэркэлиир. Быһаарыы сайаапка тиксэриллибитин кэннэ, 1-тэн 5 күн иһинэн биллиэхтээх.