Амма улууһун уон суоппарыгар массыына ыытар бырааптарын тохтоттулар
Онуоха кинилэр суоппар быраабын биэрии көҥүллэммэт ыарыыларын кэрискэтигэр киирсэр ыарыы диспансернай учуотугар тураллара төрүөт буолбут. Быраабы быһыы матыыба – бэйэлэрин уонна суолунан айаннааччылар олохторугар, доруобуйаларыгар куттал суоһаабатын хааччыйыы.
Урукку өттүгэр суоппар быраабын бэрэбиэркэлииргэ суоппар пациент быһыытынан, балыыһаҕа туруортарбыт диагноһыгар болҕомто ууруллубатын тэҥэ этэ. Психиатрга көрдөрүнэн, ыспыраапкалаах буоллуҥ да, бэрэбиэркэни холкутук ааһыахха сөбө. Ону баара, тимир көлөнү ыытар көҥүл бэриллибэтигэр төрүөт буолар, анал, бырабыыталыстыбанан бигэргэммит ыарыы көрүҥнэрэ диэн бааллар. Ити саҥа киллэрии быйылгыттан олоххо киирдэ. Онуоха гражданин медицинскэй каартатын ГИБДД быһаччы билсэр кыахтанар буолара эрдэ этиллэн турар.
Биллэн турар, дьон долгуйар, ол кэрискэҕэ ханнык ыарыылар киирбиттэрин билиэн-истиэн баҕараллар. Онон ол сэрэхтээх сыһыарыылары санатарга быһаардыбыт.
Тимир көлөнү ыытыы көҥүллэммэт ыарыыларыгар киирсэллэр:
I. Психикаҕа кэһиллиини таһаарар уонна быһыы-майгы уларыйарыгар тиэрдиэн сөптөөх ыарыылар.
-шизофрения, шизофрениятыҥы тииптээх, олоххо суоҕу оҥорон көрөргө тиэрдэр ыарыылар.
-настарыанньа кэһиллиитэ (аффективнай кэһиллии. Ити иһигэр депрессия ыарахан көрүҥэ уонна биполярнай кэһиллии эмиэ киирэллэр).
-Органическай психическай кэһиллии (симптоматическай эмиэ киирсэр) уонна деменция.
-өйүнэн тиийигиннээбэт буолуу (халымыр, кыралаан уонна уустук ыстаадьыйалара бары)
-психологическай сайдыы уопсай кэһиллиитэ (оҕо эрдэхтэн биллибит аутизм уонна Ретт синдрома) – киһи төһө улаханнык, күүскэ ыалдьарыттан, биллэриттэн тутулуктанар.
-психоактивнай бэссэстибэлэрин туһаныыны кытта сибээстээх психическэй кэһиллии уонна быһыы-майгы (поведение) кэһиллиитэ. (О.э. алкоголик, наркоман, токсикоман дьон – диспансернай учуоттан уһуллуохтарыгар диэри кэмҥэ).
-сиппит сааска тиийэн, лиичинэс быһыытынан кэһиллиилээх дьон (профильнай исписэлиис быһаарыытынан).
II. Ньиэрбэлэрин тиһигэр аһааҕырыылаах дьон:
- эпилепсия ( код – МКБ-10: G40) – маннык ыарыылаах дьоҥҥо тимир көлөнү ыытар быраабы биэрии кытаанахтык бобуллар.
- Амнезия уонна мэйиини биллэ-көстө аһааҕырдар ыарыылар.
III. Көрөр уорган улаханнык аһааҕырыыта:
- Бинокулярнай көрбөт буолуу (H54.0).
- Өҥү- дьүһүнү араарбат гынар аномалия (“цветослепота” / ахроматопсия, H53.5).
Харах көрүүтүнхабар иэнэ биллэ кыччаан биэриитэ ( 20° улахан түгэнигэр) эбэтэр харах көрөр кыаҕа ирдэбилгэ эппиэттэспэт түгэнигэр, ол быраап категорията ханныгыттан тутулуктаах.
IV. Хамсанар-имсэнэр аппараат үлэтэ кэһиллэр ыарыылара уонна да атын хааччахтар:
- Ыарахан патологиялар уонна анатомическай дефектэр (холобур, икки илиитэ, икки илиитин сарбынньаҕа (кисть) суох буоллахтарына. Ити – көлө ханнык категориятын ыытартан тутулуктанар.
Итилэри таһынан массыынаны ыытарга дьайар, РФ бырабыыталыстыбата 2025 сыл муус устар 12 күнүгэр таһаарбыт 892-р нүөмэрдээх уурааҕынан бигэргэммит хроническай ыарыылар диэн бааллар.
Суолталаах уларыйыы буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Ити анал кэрискэҕэ киирбит ыарыылаах эрээри суоппар хамыыһыйатын ааһарга ону кистиир түгэҥҥэ, бэл, ыстыраап олохтоммут. Ол КоАП ыстатыйаларыттан (бырааба суох ыытыы/ оннук ыыта сылдьан, суол быраабылатын тутуспатахтан тутулуктанан, 30 тыһ. солк. үөһэ суумалаах буолар).
Сокуон нуормаларыгар олоҕуран, биһиги дойдуга Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, ГИБДД уонна эмп тэрилтэлэрин кытта ыкса сибээс олохтонуутугар күүстээх үлэ бара турар. Ханнык ыарыылар тимир көлөнү ыытар быраабы ылар кыаҕы суох оҥороллорун уо.д.а. туһунан сиһилии бу сигэлэри – Гарант эбэтэр КонсультантПлюс – баттаан билсиэххитин сөп. Этэҥҥэ буолуҥ.