09.10.2026 | 19:00 | Просмотров: 286

Ама, маннык буолуон сөп дуо?

Киһи ылына, итэҕэйэ охсубат чахчыта, доҕоор!
Ама, маннык буолуон сөп дуо?
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Хаартыска: Наука. Mail.ru
Бөлөххө киир

Гиннес рекордун кинигэтигэр киһи илэ өйүнэн итэҕэйэ, ылына охсоро уустук дьикти-дьээбэ түгэннэрэ баар буолаллар.  

Холобур, 40 сааһыгар диэри... 69 оҕону төрүппүт Валентина Васильева туһунан суруйуу дириҥ толкуйга түһэрэр. Ама?!

Силигин ситэрэн, бу ураты дьахтар биһиги Арассыыйабыт олохтооҕо үһү! Дьахтар кэргэнэ – нуучча бааһынайа Федор Васильев диэн эбит.  

Аан бастаан бу киһи туһунан Британия The Gentleman’s Magazine сурунаала инньэ 1783 сыллаахха таһаара сылдьыбыт. Ол суруйууга Англия биир атыыһыта кини аймахтарыгар Екатерина II-я ыраахтааҕы Федор диэн нуучча бааһынайын көрсүһүүгэ ыҥыра сылдьыбытын туһунан ахтыллар.

Дьэ, туох үтүөтүн, уратытын иһин, боростуой бааһынайы Ыраахтааҕы хотун илэ бэйэтинэн ыҥыртарар эбитий?

Төрүөтэ – ити кэмҥэ хайыы үйэ 75 саастаах Федор Васильев 87 оҕолооҕуттан ол кэмҥэ 84-дэ тыыннаах, этэҥҥэ сылдьара буолбут!

Бу киһи бастакы, Валентина диэн ойоҕугар 69 оҕоломмут! Бачча элбэх оҕону хорсун дьахтар 27-тэ төрөөн, онтугар хастыы да игирэ оҕолору төрөтөн ситиспит.

Ол эбэтэр, уон алтата – игирэлэрммит, 7 төгүл – үс, түөрт төгүл – 4 оҕону күн сиригэр көрдөрөн, дьону балай эмэ соһуппут, сөхтөрбүт.

Валентина салгыы төрөөбөт буолбутугар, Федор Мельничное диэн бөһүөлэккэ олохтоох Анна диэн дьахтары ойох ылбыт. Үчүгэй оҕомсох диэтэҕиҥ!

Онтугар 18 оҕолоох. Эмиэ бары игирэлэр. Иккис ойоҕо  киниттэн алта төгүл – икки игирэни уонна икки төгүл – үстүү оҕону субуруппут!

Салгыы: “Валентина сулумах хаалан баран,  76 сааһыгар диэри олорбута” диэн суруллар. Оттон сорох источникка Валентина өлбүтүгэр саҥа ойохтоммута кэпсэнэр. Бу иккис барыйаан, арааһа, кырдьык буолуо.

Арассыыйа демографическай  балаһыанньатын туһунан кинигэ таһаарбыт Анатолий Вишневскай суруйбутунан, Валентина Васильева ити оҕолорун 1725-1765 сылларга төрөтөлөөбүт. 27-тэ хат буола сылдьыбыт.

Ону тэҥэ 19-с үйэҕэ бу дьикти дьахтар туһунан “Панорама Санкт-Петербурга” диэн кинигэҕэ эмиэ кэпсэнэр эбит.

Чэ, сөп эр киһи, баҕар, төһө баҕарар оҕону оҥордун. Киниэхэ ол туох уустуктаах үһү! Чингисхан баһаам элбэх наложницаларыгар холбоон-илбээн хас да сүүс оҕолооҕо диэн буолар. Ким чүмэчи тутан турбута баарай, туораттан “көмөлөһөөччү” да баар буолуон эмиэ сөп. 

Васильев туһунан Арассыыйа атын да докумуоннарыгар эмиэ ахтыллара этиллэр. Ол курдук, генерал-майор Иван Болтин «Примечания на историю древния и нынешния России г. Леклерка» диэн кинигэтин 2-с томугар үүт-маас Британия сурунаалыгар суруллубут ахсааны ыйбыт. Ол туһунан ааптар бэйэтэ да сөрү диэн сөҕөн бэлиэтэммит эбит.

Никольскай манастыыр суруйууларыгар  1782 сыллаахха Федор Васильев 75 саастааҕа, 87 оҕолооҕо бэлиэтэммит. Ити оҕолортон 82-лэрэ улаатыахтарыгар, сааһырыахтарыгар диэри тыыннаахтар эбит.

Оттон биир дьахтар 69-та төрүүрэ диэн – чахчыта да, киһи итэҕэйэ охсубат чахчыта! Кыһыыта-абата диэн, бу барахсан, баччалаах ыччаты төрөтөн, иитэн баран, саатар, толору аата-суола хаалбатаҕа хомолтолоох! Сорох источниктарга судургутук Валентина диэн эрэ бэлиэтэммит. Ол кэмҥэ дьахтары киһи да диэн көрбөт быһыылаахтар.

Ол да буоллар, кини Гиннес рекордун кинигэтигэр муҥутуур элбэх төрүөхтээх дьахтар быһыытынан киирбит. История чахчылара кэрэһилииллэринэн, 1752-1765 сыллар усталарыгар кини уопсайа 27-тэ төрөөбүт.

Бэйэтин кэмигэр да баччалаах сонуну истэн баран сэргээччи, ыйыталаһааччы эбиллэ түспүт. Олор истэригэр Франция билимҥэ академиятын учуонайдара эмиэ анаан ыйыталаһа сылдьыбыттар.  Ол гынан баран, 1878 сыллаахха тахсыбыт The Lancet диэн мэдиссиинэ сурунаала суруйбутунан, Васильевтар Москубаҕа олороллоро, Арассыыйа Империятын хаххатыгар сылдьаллара эрэ этиллибит. 

Кырдьыгынан эттэххэ, Валентина рекордун Болтин манастыырга суруйбут суругуттан атын бу түгэни дакаастыыр чахчы билиҥҥитэ суох. Саатар, аата да чопчута суох. Сорохтор этэллэринэн, 40 сааһыгар оҕолоноору суорума суолламмыт. Онон эрэ Федор иккистээн ойохтоммут. Сорохтор Валентинаны 76 сааһыгар диэри олорбута диэбиттэр.

Аныгы кэмҥэ итэҕэйбэттэр

Бу дьикти ыал туһунан хас эмэ үйэ буолан баран, 2015 сыллаахха ВВС Адам Халхази бу дьикти чахчыны сэргээн,  репродуктолог эспиэрдэртэн туоһулаһа сылдьыбыт. Онуоха эспиэрдэр бары биир киһи курдук” “Хайдах да итинник буолар туһа суох” диэн бэрдииктээбиттэр.

Кинилэр оросчуоттаан көрүүлэринэн, дьахтар холбоон-илбээн, бүтүн 18 сылы быһа хайдах да хат сылдьар кыаҕа суох. Буолаары буолан, эмтэрэ сылдьан, хайдах оччо элбэхтэ хат буолуоҕай дииллэр эбит. Аны, 18-с үйэҕэ иккилии, үстүү игирэни кылбардык төрөтүүнү улахан омуҥҥа холообуттар. Оччолорго мэдиссиинэ быстар мөлтөх туруктааҕын санаппыттар.

“27-тэ хастыы да игирэни төрөтүү – хайдах да кыаллыбат”, - диэбиттэр. Ону ааһан, үстүүттэн элбэх игирэ булгуччу кэмин иннинэ төрүүр. Оттон ситэ-хото сайдыбатах оҕо оччотооҕу усулуобуйаҕа тыыннаах хааларын улаханнык саарбахтаабыттар.

Ол да буоллар, Гиннес рекордугар киирбити букатын мэлдьэһэр кыаллыбат. Туох кыһалҕаттан Болтин манастыыр суруктарыгар олоҕо суоҕу дойҕохтуой? Аны, дойду былааһа бу ыалы мээнэҕэ бэйэтин көрүүтүгэр ылбатаҕа эрэбил. Дьэ, дьикти!

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.