Алтынньы билгэтэ
Хатыҥ сэбирдэҕэ ыраастык түстэҕинэ, чэпчэки сыл буолар, оттон ыһыллан-тоҕуллан түстэҕинэ тымныы кыһыҥҥа диэн билгэлииллэр эбит.
Алтынньыга ый туоллаҕына, кураан сайын буолар. Өлгөмнүк хаардаатаҕына, саас ходуһаҕа хаар ууллара бытаарыа диэн саха халандаарыгар бэлиэтэммит.
Күн-дьыл туругун кэтээн көрөөччүлэргэ:
Алтынньы 1 күнэ – туруйа соҕуруу көттөҕүнэ, алтынньы 14-гэр диэри тымныы түһэр, оттон ити күн көппөтөҕүнэ, сэтинньи 2-гэр диэри тымныы түһүө суоҕа.
Алтынньы 3 күнэ – тыал хотуттан үрдэҕинэ, сотору бытархан тымныы түһэр, соҕурууттан — ичигэскэ, арҕааттан — сөҥүүгэ, илинтэн — ыраас күҥҥэ-дьылга.
Алтынньы 5 күнэ – хатыҥ сэбирдэҕэ түспэтэҕинэ, хаар хойут түһэр.
Алтынньы 7 күнэ – күн ат хаамыытынан кылгыыр.
Алтынньы 8 күнэ – хаар түстэҕинэ, сэтинньи 21-гэр өрүһү таһаҕастаах атынан туорууллара. Хаппыыста тууһууллар.
Алтынньы 14 күнэ– Бокуруоп таҥара. Бу күнтэн кыһыҥҥы кэм саҕаланар. Хотуттан тыалырдаҕына, кыһына тымныы, арҕааттан тыалырдаҕына – ичигэс;
Алтынньы 18 күнэ – муус аннынан муҥха саҕаланар. Күөл тааҥныыр;
Алтынньы 23 күнэ – ый туолуута;
Алтынньы 25 күнэ – чаҕылхай сулустар таҕыстахтарына, тымныы түһэр, өлбөөркөй – силлиэҕэ, күүскэ дьиримниир – хаарга;
Алтынньы 30 күнэ – ый ортотугар тыалырдаҕына, көтөҕө түһэр. Халыҥ хаар түстэҕинэ, сылгыга үтүө дьыл үүнэр.