28.10.2026 | 14:22 | Просмотров: 76

Алтынньы бүтүүтүнээҕи чахчынан, былаан 82 бырыһыана туолбут

Манна оҕо дьоҥҥо профилактическай көрүү сыллааҕы былаанын туһунан этиллэр.
Алтынньы бүтүүтүнээҕи чахчынан, былаан 82 бырыһыана туолбут
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Тэрээһин “Уһун уонна көхтөөх олох” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Биир бастакынан эбии өйөбүлү, доруобуйаларын туруга кэтээн көрүүнү ирдиир оҕолору көрөллөр-истэллэр. Ону тэҥэ төрөппүтэ, көрөр-истэр дьоно суох хаалбыт тулаайахтарга эмиэ ураты болҕомто ууруллар. Бу категорияҕа хабыллар оҕолор 92 бырыһыаннара бэлиэр медосмотру ааспыт.

Уустук суоллаах-иистээх, чиэски сытар нэһилиэнньэлээх пууҥҥа олорор оҕолору хабаары анал биригээдэлэр тэриллэн, миэстэтигэр тиийэн көрөллөр. Ол курдук, Өрөспүүбүлүкэтээҕи килииникэлии балыыһа педиатрдарын биригээдэтэ Арктика 12 улууһун олоччу кэрийэн, оҕолор доруобуйаларын туругун көрөн кэлбит. Медиктэр көрүүлэригэр 6 тыһ. тахса оҕо хабыллыбыт. Оттон Өймөкөөн уонна Томпо оройуоннарыгар  Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы нүөмэрдээх балыыһа быраастара үлэллэн кэлбиттэр. Ол туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрбит.

 

 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.