Алтынньы 9 күнүгэр СИРЕНА тыаһаатаҕына – долгуйумаҥ!
Этиллибитин курдук, бу маннык сиренаны тыаһатан көрөн, бэрэбиэркэлиир дьаһал дойду бары эрэгийиэннэригэр ыыталлар.
Маннык иһитиннэриини суһал кэм иһигэр бар дьоҥҥо айылҕа соһуччу аҕалар иэдээнэ, техногеннай ыксаллаах быһыы-майгы буоллаҕына, нэһилиэнньэ олоҕор куттал суоһуур түгэнигэр тутталлар.
* Онон алтынньы 9 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн, сарсыарда 10 чаас 40-с мүнүүтэҕэ, бары нэһилиэнньэлээх пууннарга баар уотунан барар сиреналарга уонна громкоговорителлэргэ сэрэтии сирената иһиллиэ.
* Ону таһынан аны 10 чаас 43 мүнүүтэҕэ тэлэбиидэнньэ ханаалларыгар уонна араадьыйаҕа Арассыыйа МЧС-ын иһитиннэриитэ экраннарга уонна эпииргэ тахсыаҕа.
* “МЧС России” диэн мобильнай сыһыарыыга эмиэ иһитиннэрии тахсыа, туһанааччыларга push-уведомление ыытыллыа.
МЧС Саха сиринээҕи управлениета итини иһитиннэрэн туран, уолуйбаккытыгар, аймаммаккытыгар ыҥырар. Ити баара эрэ – туһааннаах тиһик төһө тэтимнээхтик үлэлиирин бэрэбиэркэлиир тэрээһин буолар.