19.10.2026 | 17:30 | Просмотров: 105

Алтынньы 28-с күнэ гражданнары кытта көрсүһэр күн.

Куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар, салааларыгар уонна уокуруккар, МКУ-ларга сыһыаннаах ыйытыылаах түгэҥҥэр бу күнү туттумахтас.
Алтынньы 28-с күнэ  гражданнары кытта  көрсүһэр күн.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Болҕой, аах, туһан!

Алтынньы 28 күнүгэр салалта дьону көрсөр Өрөспүүбүлүкэтээҕи  күнэ биллэриллэр. Онно Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын салаа тэрилтэлэрэ, уокуруктара, ону тэҥэ муниципальнай хааһына тэрилтэлэрэ эмиэ кытталлар.

Гражданнары күнүс 14 чаастан киэһэ 18 чаас 00 мүн. диэри приемнуохтара. Сорох тэрилтэлэр, департаменнар, муниципалитеттар көрсүһүүгэ кэлиэх иннинэ эрдэттэн суруйтарыыны ирдииллэр. Ону аллара баар кыраапыкка билсиҥ. Нүөмэрдэрэ, аадырыстара онно толору суруллар.

Приемҥа кэлээччилэр хайаан да пааспаргытын эбэтэр онно дьүөрэ, эһиги ким буоларгытын кэрэһилиир докумуоннаах кэлиэхтээххит. Атын дьон, аймаххыт туруорсуутунан кэлэр түгэҥҥитигэр, онно дэбиэринэс баар буолуохтаах.

Дьокуускай уокуругун куораты тутууга уонна архитектураҕа департамена – Октябрьскай уул., 20/1, 202 кэб. , төл. – 300-770, эбии – 0. Эрдэттэн суруйтарыы ирдэммэт.

Суол инфраструктуратын уонна тырааныспар департамена – Михаил Николаев бэрэс. 11,  3-с этээс, кэб. Эрдэ 300-999 эрийэн суруйтараҕыт.

Дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыба уонна энергетика департамена –  Гоголь уул., 1. Эрдэттэн 300-801 эрийэн, суруйтараҕыт.

Баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларыгар департамент – Ленин бэрэсп,15-с этээс,  612 кэб. Суруйтарар нүөмэр – 40-88-09.

Опека уонна попечительство департамена –  203 мкр., 8-с куорпус. Суруйтарар нүөмэр – 300-890.

Территориялары кытта үлэлэһэр департамент –  Ленин бэрэс.,15, суруйтаран нүөмэр – 300-810.

Муниципальнай инспекция управлениета – Дзержинскэй уул. 21. Суруйтарар нүөмэр – 300-760.

«Сир сыһыаннаһыыларыгар ааҕыныстыба» МКУ –  Октябрьскай уул, 20/1, 303-с кэб. Суруйтарар нүөмэр – 32-64-60.

Олорор дьиэ сыһыаннаһыыларыгар департамент – Дзержинскэй уул, 21, суруйтарар нүөмэр 300-930.

«Үөрэх управлениета» МКУ – Лермонтов уул., 79. Суруйтарар нүөмэр – 507-308

Кангалаас дьаһалтата – 26-с Партсъезд уул., 5. Эрдэттэн суруйтарыы ирдэммэт.

Марха дьаһалтата – Олег Кошевой уул, 67а. Эрдэттэн суруйтарыы ирдэммэт.

Хатас дьаһалтата – Совхознай, 35/1. Эрдэттэн суруйтарыы ирдэммэт.

Маҥан дьаһалтата – Киров уул, 1. Суруйтарар нүөмэр – 40-61-77.

Пригороднай бөһүөлэгин дьаһалтата –  Совхознай уул., 27, 27 кэб. Суруйтарар нүөмэр – 300-824.

Табаҕа бөһүөлэгэ – Комсомольскай уул, 20/2. Суруйтарар нүөмэр – 300-825.

Тулагы Киллэм дьаһалтата – Первомайскай уул., 4. Суруйтарар нүөмэр – 300-827.

Автодорожнай уокурук – Михаил Николаев, 11. Суруйтарар нүөмэр – 300-811.

Гагарин уокуруга – Можайскай уул., 13/3Г, корп. 1. Суруйтарар нүөмэр –  300-812.

Губин уокуруга – Богатырев уул., 11. Суруйтарар нүөмэр – 300-813.

Октябрьскай уокурук – Ленин бэрэс, 46. Суруйтарар нүөмэр – 35-07-08.

Бырамыысыланнай уокурук –  Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла. Суруйтарар нүөмэр – 32-29-91.

Сайсары уокуруга –  Винокуров уул., 21, 1-кы кэб. Суруйтарар нүөмэр – 300-816.

Строительнай уокурук – Клара Цеткин уул., 2. Суруйтарар нүөмэр – 300-817.

Киин уокурук – Ярославскай уул, 17, 1-кы кэб. Суруйтарар нүөмэр – 300-818.

Оттон Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын салалтата олохтоохтору көрсөр бириэмэтэ эрдэ бигэргэммит кыраапыгынан барар. Ону көрөргө куорат дьаһалтатын официальнай саайтыгар киирэн, “Администрация” баһын “Контакты” төбөтүн баттыыгыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп