19.10.2026 | 15:00 | Просмотров: 71

Алтынньы 19 күнэ – Саха сиригэр ИДьМ судаарыстыбаннай Автоинспекцията төрүттэммит күнэ.

Тустаах салаа бары үлэһиттэригэр истиҥ эҕэрдэ, барҕа махтал буолуохтун!
Алтынньы 19 күнэ – Саха сиригэр ИДьМ судаарыстыбаннай Автоинспекцията төрүттэммит күнэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Автоинспекция үлэһиттэрэ суолга айан-сырыы кэмигэр араас суол быһылаана, саахал тахсарын эрдэттэн уодьуганныырга, ону утары үлэҕэ, суол быраабылатын тутуһуннарыыга түүнү-күнүһү, итиини-тымныыны аахсыбакка, биир өрөбүл күнү билбэккэ, үгүс сыраларын-сылбаларын уураллар. Дьон олоҕор куттал суоһаабатын туһугар туруулаһан үлэлииллэр.

Ол быыһыгар араас майгылаах-сигилилээх, күүс да өттүнэн өрөһөлөнөн турар кыахтаах суоппардар эмиэ баар буолаллар. Холуочуйан баран, харах тэстэринэн көтүтээччи да суох буолбатах. Ону барытын хонтуруоллуур, кэтиир-маныыр, наада түгэнигэр уодьуганныыр аналлаах автоинспекция үлэһитэ.

Бэлиэ күннэринэн,  туһааннаах салаа үлэһиттэрин эҕэрдэлиэҕиҥ! Сыралаах үлэлэрин түмүгэр дьон-сэргэ уһун-кылгас айана куттала суох буолуохтун, холуочук туруктаах тимир көлөҕө чугаһааччы суох буоллун! Түбүктээх үлэлэрэ үтүө түмүктээх буолуохтун!

 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.