18.10.2026 | 08:30 | Просмотров: 189

Алтынньы 18 күнүнээҕи гороскоп.

Сулустар сүбэлииллэр.
Алтынньы 18 күнүнээҕи гороскоп.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бары даҕаны бэйэ күүһүгэр эрэнэ үөрэниҥ. Холкутуйуҥ, олус илистэр гына үлэлээбэккэ, кыах иһинэн хамсаныҥ. Кыраттан өһүргэнэр кыах улааппыт. Уордайары ыраах кыйдаа.

Хой.

Бу күн эргиэн-урбаан чааһыгар сытыы өй, толкуй наада. буоларгыт ирдэниллэр. Атын дьон сүбэтэ табыгаһа суох балаһыанньаҕа түбэһиннэриэн сөп.

Оҕус.

Таайан көрөр дьоҕурга эрэммэккэ, бу сырыыга эт мэйии толкуйунан салайтар. Үлэҕитигэр атааннаһыы тахсыан сөп, ол иһин бэйэни туттунарга уонна атыттар албыннарыгар киирэн биэрбэт курдук сырыт. 

Игирэлэр.

Эһиэхэ олус табыллар, ситиһиилэнэр күн. Онон докумуон толоруута баар түгэнигэр онтугун оҥор. Тапталлааххар бэйэ ис туругун аһаҕастык үллэстэр ордук. 

Араак.

Быһыы- майгы көрүөх бэтэрээ өттүгэр үргэнник уларыйар күнэ. Сыыһаны оҥорбот нына, толкуйдаан дьаһан. Сибэккилэргин харай.

Хахай.

Бу күн айар кутунан, күүстээх өрө көтөҕүллүүнэн туолуо. Сарсыардаттан ким эмэ эһиги көмөҕүтүгэр наадыйыан сөп. Аккаастаама.

Кыыс Куо.

Араас тэрилтэлэргэ, былаас уорганнарыгар дьыаланы быһаарсарга уонна докумуон оҥорторорго олус табыгастаах күн, дьиҥэ. Өрөбүл буолан хаалла. Докумуоннаргын бэрэлээ, толороргун толорон кэбис.

Ыйааһын.

Күүскэ ноҕоруускаланыма, сынньанар эмиэ наада уонна этиһииттэн-охсуһууттан тэйиччи сырыт. Дьиэҕэр бүөмнээн сынньанарыҥ ордук.

Скорпион.

Айан-сырыы бэрт сэргэх буолуоҕа. Сүрүн, массыына ыытаргар болҕомтолоох буол. Аралдьыйбакка айаннаа.

Охчут.

Тугу туппутуҥ — барыта табыллан иһиэ, ханнык баҕарар уустук соругу быһаарар кыахтааххын. Туттумахтас.

Чубуку.

Бу күнү чугас дьоҥҥун, аймахтаргын кытта атаарарга сүбэлииллэр. Ийэ, аҕа күнүн астыктык атаар, дьоҥҥун эҕэрдэлээ.

Күрүлгэн.

Бэрдэ суох сонун, дьыала тута табыллан испэтэ баар буолуон сөп. Ол да буоллар,долгуйума,  барыта этэҥҥэ буолуо. Сөбүлүүр дьарыккын ылан, аралдьый.

Балыктар.

Туолбаты эрэннэримэ. Ыксалынан, ситэ- хото толкуйдаабакка эрэ, уустук быһаарыныыны ылыныма. Саҥа эппиэтинэстээх дьыалаҕа да ылсыма. Кэнсиэргэ, тыйаатырга сырыт.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.