16.10.2026 | 08:30 | Просмотров: 231

Алтынньы 16 күнүнээҕи гороскоп

Ый-сулус хаамыыта тугу көрдөрөрүй?
Алтынньы 16 күнүнээҕи гороскоп
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

♈ Хой.

Күннээҕи кыһалҕаны быһаарары уонна үөскүүр ыйытыктары туора дьоҥҥо соҥнообокко, тус бэйэ күүһүнэн быһаара сатаа. Ол быдан ордук буолуо. Ыксаабакка, барытын үчүгэйдик толкуйдаан дьаһан. Табыллыа.

♉ Оҕус.

Чугас дьону кытта сыһыаны тупсарарга, өйдөспөт түгэннэри быһаарарга ааттаах үчүгэй күн. Миигин бэйэбиттэн ордук ким да солбуйар кыаҕа суох диэн санаанан салайтар.

♊ Игирэлэр.

Киһи эрэ барыта эйигин сөпкө сыаналыа суоҕа. Ол эрээри сыаналаабат дьон бэйэлэрэ элбэхтэн матыахтара. Улахан кэпсэтиилэргэ бэйэҥ кыаххын суоттанан кытын, туруорус.

♋ Араак.

Дьиэлээхтэргэр, чугас дьоҥҥор инники былааннаргын кэпсээ уонна кинилэртэн сүбэтэ көрдөө. Этэллэрин тыал тыаһын курдук истимэ, болҕомтоҕун уур, сэргээ. Дьиэ кэргэҥҥэр эн болҕомтоҥ наада буолбут.

♌ Хахай.

Ыра санааҥ туоларыгар, бастатан туран, бэйэҥ күүскүн уур, кыһамньыгын көрдөр. Үчүгэй ситиһиилэргинэн бэйэҕин хайҕаныаххын сөп. Доҕотторгун умнума.

♍ Кыыс Куо.

Атын дьон эйиэхэ элбэх ону-маны сыҥалыы, бэйэлэрин санааларын соҥнуу сатыахтара. Атын дьону буолбакка, ис дууһаҥ тугу баҕарарын иһит. Ону толор. Бэйэмсэхтэнэ түһүү ардыгар наада.

♎ Ыйааһын.

Дьон эйигин элэккэй, эйэҕэс-сайаҕас  диэн сыаналыыр. Ону түһэн биэримэ, кинилэргэ эрэллээх буол. Саҥа сибээһи да олохтуур мэһэйдиэ суоҕа.

♏ Ооҕуй.

Бэйэҕин, тапталгын харыстаа, чугас дьоҥҥун кытта истиҥ сыһыан баарын сыаналаа. Мунаахсыйар боппуруостарга урукку уопуккар тирэҕирэриҥ туһалыа.

♐ Охчут.

Бүгүн дьоллоох түгэн тосхойор, үөрүү мичик аллайар түгэнэ баар буолсу. Саҥа уопуту, билиини көрдүүргэ, эбии сатабылга үөрэнэргэ бэртээхэй күн үүннэ. 

♑ Чубуку.

Өйдөө: ким да кимиэхэ да толоруохтаах иэһэ суох. Дьонтон элбэҕи эрэйимэ уонна бэйэҥ да ким эрэ иннигэр биэрэрдээх курдук сананыма. Бүгүн ис туруккун, ис таайан көрөр дьоҕургун иһит.

♒ Күрүлгэн.

Саҥа идеяларга эрэн, кинилэр эйигин саҥаҕа, сайдарга сирдиэхтэрэ. Бэйэҕин таптаа, сынньана түһэргэ хайаан да бириэмэтэ анаа. Минньигэстэ сиэ.

♓ Балыктар.

Айар үлэҥ, инники былааннарыҥ нөҥүө туруккун саҥардыныаҥ. Ыра санааҕын атыннык сааһылаа. Бу буолуо — тус бэйэ олоҕор саҥа суол саҕаланыыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп