14.10.2026 | 07:30 | Просмотров: 221

Алтынньы 14 күнүнээҕи гороскоп.

Бокуруоп таҥара күнүгэр ый- сулус хаамыыта тугу сабаҕалыырый?
Алтынньы 14 күнүнээҕи гороскоп.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Гороскоп бары бэлиэлэригэр сыһыаннаан, бу күн  сүрүн соругу түмүктүүргэ, бэрээдэги, сокуону хайаан да тутуһарга сүбэлииллэр.

Бу күн Ый Охчут бэлиэтигэр сылдьар буолан, дьоҥҥо саҥаны билэр-көрөр уонна айар үлэнэн дьарыктанар баҕаны күөртүөн сөп.

♈ Хой.

Туох эмэ улахаҥҥа быһаарынаргар тус бэйэҥ күүскэр эрэ эрэн. Онуоха тугу эмэ уларытар баҕа баар түгэнигэр барытын үчүгэйдик толкуйдаа, ырытан көр, ыксаама. Ыт ыксаан хараҕа суох оҕону төрөтөр өс хоһоону умнума.

♉ Оҕус. Дьону кытта сыһыаны тупсарарга, урукку өйдөспөт түгэннэри быһаарарга ааттаах үчүгэй күн. Доҕотторуҥ уонна чугас дьонуҥ эн тылгын истиэхтэрэ.

♊ Игирэлэр.

Бу күн ким чахчы эрэллээх доҕор буоларын өйдүүр түгэн тосхойуон сөп. Болҕомтолоох буол. Истибиккин барытын ыраас мууска ылынан иһимэ. Холку матыыпта иһит, кинигэтэ аах.

♋ Араак .

Төрүттэргит устуоруйаларын, сиргит-уоккут төрүтүн кытта билсиэххит. Киэһэтин чугас киһигититтэн соһуччу үөрдэр бэлэх эбэтэр сонун кэлиэн сөп.

♌ Хахай.

Карьераҕа эбэтэр үлэҕэ бэйэҥ иннигэр сорук туруорунан, ис кыаххын көрдөрөр кэм кэлбитин туттумахтас. Дьиэ кэргэҥҥэ иһирэх кэпсэтии элбэх туһаны аҕалыа. Доруобуйа чааһа чаҕылхай.

♍ Кыыс Куо.

Көрдөххө судургу, күннээҕи хатыланар үлэҕэ олус болҕомтолоох буолуу эрэйиллэр күнэ. Кыра да сыыһа- алҕас түмүгэ улахан содулланыан сөп. Үөрэх, айан чааһа табыллыа.

♎ Ыйааһын.

Айар куккут уһуктан, саҥа хобби эбэтэр интэриэһинэй дьарык көрдүөххүт. Ис туруккутун уонна санааҕытын сааһыланарга, сайдарга туох мэһэй- туорай баарын өйдүүргэ үчүгэй күн.

♏ Скорпион.

Сулустар эйиэхэ тулалыыр дьонуҥ хайдах сыһыаннаахтарын көрдөрөр түгэни тосхойуохтарын сөп. Сулус үөрэҕэ судургута суох эрээри, наадалаах. Ааттыын — үөрэх. Айар үлэҕэ урут кыайбатаххын, толкуйуҥ тобуллан, бүгүн холкутук кыайар кыахтааххын.

♐ Охчут.

Былааннаммыта быданнаабыт дьыалаҕын бүгүн олоххо киллэриэххин сөп. Сулустар эн диэки куомуннаспыттыы көрөллөр, өйүөхпүт дэһэллэр. Сүрэҕэлдьээмиэххин, санааҕын ууран, ылсыаххын эрэ наада.

♑ Чубуку.

Күүскэ, тиритэ- хорута үлэлиир уонна уһун кэмнээх былааннары ылынарга табынастаах кэм. Сыраҥ халтай буолуо суоҕа. Ол эрээри сылайбыккын умнума, киһи сынньанары эмиэ сатыахтаах.

♒ Күрүлгэн.

Дьиэ кэргэн, дьиэ-уот кыһалҕаларын быһаарарга, элбэх бытархай үлэни бүтэрэргэ бэрт табыгастаах күн. Дьоҥҥун көмөлөһүннэр.

♓ Балыктар.

Бу күн ис таайан көрөр дьоҕуруҥ күүһүрэр кэмэ. Тугу этэ, тирэрдэ сатыырын кытаатан истэ сатаа. Оҕо, кэргэн болҕомтону эрэйэр чинчилээх. Иһирэх кэпсэтии тахсыбатаҕа ырааппыт. Алҕаскын көннөр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.