21.10.2026 | 18:34 | Просмотров: 169

Аллараа Бэстээххэ айаннаан испит теплоход чаарга олорон хаалла...

Быһылаан өрүс хаҥас кытылыттан 500 миэтэрэ тэйиччи, Аччыгый уонна Улахан Хатыыстыыр арыылар икки ардыларыгар таҕыста.
Аллараа Бэстээххэ айаннаан испит теплоход чаарга олорон хаалла...
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: ЫБММ уонна Гражданскай оборона министиэристибэтэ
Бөлөххө киир

Бүгүн, алтынньы 21 күнүгэр, Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ айаннаан испит «Московскай-11» теплоход чаарга олорон хаалла.

Быыһааччылар уонна ГИМС бэрэстэбиитэллэрэ көмөҕө тиийбиттэр. Онуоха 28 киһи уонна 6 тиэхиньикэ кытынна.

Быһылаан тахсыбыт сиригэр сөҥүү түспэт, салгын температурата -3°C.

Теплоходка 100-чэ пассажир, ол иһигэр 40 оҕо, ону тэҥэ экипаж үс чилиэнэ баара билиннэ. Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, сорох пассажирдар Аллараа Бэстээхтэн салгыы поеһынан айанныахтаахтар, кинилэри ыстаансыйаҕа күүтэн олороллор.  

Киэһэ 18.30 чаас туругунан дьону салгын олбохтоох суудуналарга көһөртүү сылдьаллар.

 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.