Александр Находкин Саха сириттэн 14-c Арассыыйа Дьоруойа буолла
Александр Егорович 2014 сыллаахха Донбааска баҕа өттүнэн барбыт. Анал байыаннай дьайыы кэмигэр Артемовскай иһин кыргыспыт, рота уонна батальон хамандыырдарынан, разведка начаалынньыгынан сылдьыбыт. Бааһырыыны, контузияны да аахсыбакка, бойобуой сорудахтары толорорун тохтоппотох. «Вагнер» ЧВК-ҕа сулууспалаан баран, Арассыыйа Оборуонатын министиэристибэтин анал подразделениетыгар бойобуой суолун салҕаабыт. Үс «Хорсунун иһин» уордьанынан уонна үс «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Александр Егорович эһэтэ Николай Чусовской Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүкү ааты Зееловскай үрдэллэри ылыыга көрдөрбүт хорсун быһыытын иһин ылбыта. Александр Егорович Ийэ дойдуга тапталы уонна бэриниини көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин чиэстээхтик салгыыр.
«Александр Егоровиһы Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибитинэн киэн туттан туран эҕэрдэлиибин! Бу – хорсун быһыыны, тулууру уонна Аҕа дойдуга бэриниилээх буолууну дьиҥ билинии. Дьиэ кэргэнигэр чэгиэн доруобуйаны, күүһү-уоҕу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Саха сирэ киэн туттар!» – диэтэ Ил Дархан.