14.02.2022 | 11:00

Альберт Семенов: «Буолаары турар уларыйыыларга өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо кыттыахтаах»

Альберт Семенов:  «Буолаары турар уларыйыыларга өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо кыттыахтаах»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 1 күнүгэр видеоконференцсибээс ньыматынан ыытыллыбыт Олохтоох бэйэни салайыныы Бүтүн Арассыыйатааҕы сэбиэтин (ВСМС) Саха сиринээҕи салаатын «төгүрүк остуола» кэлиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэ бары араҥатыгар киэҥник дьүүллэһиллэр «Об общих принципах организации местного самоуправления в единой системе публичной власти» диэн ааттаах федеральнай сокуон барылын ырытта. Ол туһунан биһиэхэ Дьокуускай куорат Дууматын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

 

Мунньаҕы ВСМС Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, Бэрэстэбиитэллээх уорганнар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн Олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарыы сэбиэтин чилиэнэ, Куорат дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов иилээн-саҕалаан ыытта.

 

Дойдуну салайыы ис хоһоонугар сүҥкэн уларытыылары киллэрэр аналлаах сокуон барылын дьүүллэһиигэ Госдуума дьокутаата  Галина Данчикова, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар департаменын салайааччыта Иван Попов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин сэбиэтин ситэриилээх дирекциятын салайааччылара Петр Черемкин уонна Василий Сапсай, оройуон сэбиэттэрин дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктара о.д.а. кыттыыны ыллылар.

Биллэрин курдук, сокуон барыла олоххо киирэр түгэнигэр, Арассыыйа олохтоохторо бастакы уларыйыылары 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн билиэхтэрин сөп.

Олохтоох бэйэни салайыныыны уларыта тутар аналлаах сокуон барылыгар, мунньах кыттыылаахтара бэлиэтээбиттэрин курдук, ураты болҕомтону эрэйэр хас даҕаны түгэн баар.

Чуолаан, олохтоох бэйэни салайыныы территориальнай боппуруоһу кытта ыкса ситимнээҕэ. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын структурата, муниципальнай тэриллии социальнай-экономическай сайдыыта, үлэни-хамнаһы тэрийэр ньымалара, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын компетенциялара, боломуочуйата барыта быһаччы муниципальнай тэриллии бас билэр сириттэн-уотуттан тутулуктаах. Ол курдук, Василий Сапсай бэлиэтээбитин курдук, Саха сирин биир сүрүн уратыта – 1 киһиэхэ 3 кв/км иэннээх сир-уот тиксэрэ, ол эбэтэр маннык киэҥ сиринэн тайаан сытар территорияҕа нэһилиэнньэтэ аҕыйаҕа. Өссө биир уратыбыт – суол-иис, сылы эргиччи тырааныспарынан сылдьыһыы боппуруоһа быһаарылла илигэ. Аны туран, сорох оройуоннарга улуус кииниттэн 500 км тэйиччи турар нэһилиэнньэлээх пууннар бааллар.

Федеральнай уонна муниципальнай боломуочуйалары тыырсыыга эмиэ кэккэ ыйытыылар үөскүүллэр. Галина Данчикова бэлиэтээбитинэн, сокуон барыла «эппиэтинэһи көлбөрүтүнүү» курдук «олохсуйбут ыарыыттан» босхолуохтаах.

Буолан ааспыт «төгүрүк остуол» кыттыылаахтара олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын боломуочуйаларын икки бөлөххө араарыыга болҕомтолорун уурдулар – булгуччулаах, ол эбэтэр муниципальнай тэриллии уорганын булгуччулаах боломуочуйата уонна муниципальнай тэриллии боломуочуйатыгар киирсэр боломуочуйалар. Холобура, биир муниципальнай тэриллиигэ 27 боломуочуйалаах, атыҥҥа арыый аҕыйах буолан, салайыыга, ону таһынан, нэһилиэнньэ тустаах боломуочуйалар ситэриилээх былаас ханнык таһымыгар сыһыаннаахтарын өйдүүрүгэр уустуктар үөскүөхтэрин.

 

Муома оройуонун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Серафим Мараказов билиҥҥи оройуон сэбиэттэрин дьокутааттарын уонна муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын боломуочуйаларын болдьоҕун ыйытта уонна норуотунан талыллыбыт оройуон уонна нэһилиэк баһылыктарыгар 2022 сыл бүтүөр диэри болдьохторун толору үлэлииллэригэр кыах биэриэххэ диэн эбэн эттэ.

Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэ кэккэ оройуоннарыгар уонна нэһилиэктэригэр соторутааҕыта эрэ муниципальнай быыбардар буолан аааспыттара, аны туран, быйыл балаҕан ыйыгар баһылыктар быыбардара, онтон кэлэр 2023 сылга оройуоннар бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар быыбардар былааннаналлар. Серафим Николаевич хас биирдии оройуоҥҥа үөскээбит балаһыанньаттан тахсарга үлэ, сайдыы былаана наадатын туһунан эттэ. Бүлүү оройуонун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин эмиэ быыбардар болдьохторун көһөрөргө этии киллэрдэ.

Дьааҥы оройуонун дьокутааттарын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Ноговицына уонна «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуона» муниципальнай оройуон баһылыга Лена Иванова национальнай нэһилиэктэр дьылҕаларын ыйыттылар. Саха сиригэр национальнай оройуоннары сэргэ национальнай нэһилиэктэр бааллар. Холобура, Нерюнгри оройуонугар Иенгра нэһилиэгэ, Алдан оройуонугар Хатыыстыыр бөһүөлэгэ о.д.а. Бу оройуоннары сэргэ бу нэһилиэктэргэ, ордук промышленнай оройуоннарга киирсэр национальнай нэһилиэктэргэ, ураты болҕомто наадатын бэлиэтээтилэр. Чуолаан, маннык нэһилиэктэр үгэс буолбут дьарыктарын салҕыыр сирдэрин-уоттарын, устааптарыгар дуоһунастар официальнай ааттарын эҥин киллэриини. Тыл этээччи бэлиэтээбитинэн, сокуону оҥорооччу регионнарга федеральнай сокуону утарбат бэйэлэрин сокуоннарын уонна аакталарын киллэрэр бырааптарын кэҥэтиэн сөп.

Саха сирин муниципальнай тэриллиилэрин Сэбиэтин ситэриилээх дириэктэрэ Петр Черемкин олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар урут суох саҥа институт киирэн эрэрин бэлиэтээтэ. Чуолаан сокуон барылын 22 ыстатыйатыгар ыйыллар коллегиальнай уорган.

Бу нуорма этэринэн, олохтоох дьаһалта структуратыгар олохтоох дьаһалта территориальнай уоргана баар буоллаҕына, коллегиальнай уорган буолар диэн. Онуоха территориальнай уонна отраслевой (функциональнай) уорганнары муниципальнай дуоһунастар солбуйаллар.

Маннык коллегиальнай уорган киириитэ кутталы үөскэтиэ суохтаах, тоҕо диэтэххэ, экспертэр этэллэринэн, маннык уорган, төттөрүтүн, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын үлэлэрин миэстэлэргэ чэпчэтиэхтээх. Холобура, нэһилиэктэр коллегиальнай уоргаҥҥа чилиэннэрин нөҥүө муниципальнай тэриллии социальнай–экономическай сайдыытын стратегиятын оҥорууга, былааннааһыҥҥа, нэһилиэктэргэ оройуон бүддьүөтүн тыырыыга кытталлара мэктиэлэнэр.

Мунньах түмүгэр Альберт Семенов: "Өрөспүүбүлүкэ дьонун бүттүүнүн – Соҕуруу Саха сириттэн саҕалаан Арктикаҕа, промышленнай орйуоннартан саҕалаан тыа нэһилиэктэригэр, киин оройуоннары хабан туран уһук хотуга тиийэ – буолаары турар уларыта тутуулар хаарыйыахтара. Маныаха былаас аһаҕас уонна сатабыллаах буолуута холобур буолуохтаах. Оннук эрэ түбэлтэҕэ сайдыы баар буолуоҕа", - диэн түмүктээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....