15.10.2026 | 16:30 | Просмотров: 81

АЭБ: Дьокуускайга оскуола оҕолоругар каарталары түҥэтэр эбии пуун арылынна

Ол пуун алиынньы 30 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.
АЭБ: Дьокуускайга оскуола оҕолоругар каарталары  түҥэтэр эбии пуун арылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аныгы кэмҥэ баан каартатын, этэргэ дылы, уһуйаан эрэ оҕото туһана илик быһыылаах. Тоҕото өйдөнөр — уу харчынан илдьэ сылдьардааҕар быдан табыгастаах. Урукку өттүгэр төрөппүттэр бэйэлэрин счеттарыгар эбии каартаны оҕолоругар анаан арыйтарар этилэр. Оттон билигин оҕо бэйэтин аатыгар да каарта астарыахха сөп.

Алмаасэргиэнбаан бу 2026 сыл алтынньы 30 күнүгэр диэри кэмҥэ Дьокуускай куоракка бэлэм КЮЖЯ уонна КЖЯ каарталарын түҥэтэр эбии пуун үлэлэтэрин иһитиннэрбит.

Төрөппүттэр, оҕолор да сайабылыанньа толороллоругар кинилэргэ бэлэм каартаны хантан ылаллара ордук  табыгастааҕын бэлиэтииллэр.  

Саҥа пуун аадырыһа:

📍 «Старый Город» — Киров уул., 10 ✅Үлэлиир кыраапыга:

бэнидиэньик–бээтинсэ күннэргэ 09:00–19:00

✅Каартаны хайдах сакаастыахха сөбүй?

1. card.sakha.gov.ru саайка киирэн сайабылыанньа былааҥкатыҥ толороҕут.

2. Таарыйа бэлэм буолбут каартаны түҥэтэр пууну талаҕыт.

3. SMS кэлэриҥ күүтэҕит. Карта бэлэм буоллаҕына, эһиэхэ ону биллэрэн смстыахтара.

4. Каартаҕытын сайабылыанньаҕа суруйбут чопчу пууҥҥутуттан ылаҕыт. 5. Онно кэлэргитигэр эһигиттэн ирдэнэр докумуоннаргыт оригиналларын хайаан да илдьэ кэлэҕит.

✅КЮЖЯ (Карта юного жителя) ыларга оҕо бэйэтэ кэлэрэ ирдэммэт. Төрөппүт эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэл ылар. 6.  Ити каарта көмөтүнэн уопсастыбаннай тырааныспарынан чэпчэтиилээх айанныыр кыаҕы туһаныҥ.

Сибээскэ оҕо чэпчэтиини туһанар бырааптааҕын бигэргэтэр информация баар түгэнигэр, каартаны ылбыт күнүн сарсыныттан чэпчэтиилээх айанныыр кыахтанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп